Page 365 - Кун кууьар хайатыттан
P. 365

Л ы а X. Баар...
                      Мин Лыахпын, Лыахпын,
                      Үөһии-үөһээ көтөбүн.
                      Ыллыы-ыллыы үҥкүүлүүбүн,
                      Кэрэ чэчиктэри көрдүүбүн,
                      Бүгүҥн үттэн Тигээйичээнниин көтөбүт.
          Тигээйичээн. Сөпкө эттиҥ. Чэчиктэри көрдүү кө-
       түөххэ.
          Л ы а х. Миэхэ ийэм ыраатымаар диэбитэ ээ.
          Тигээйичээн. Миэхэ эмиэ инньэ диэбиттэрэ. Ол
       эрээри... эбэм этэринэн, икки атах үктэммэтэх ыраах хайала-
       рыгар олус кэрэ чэчиктэр үунэллэр үһү.
          Л ы а х. Кимий ол — икки атах диэн?
          Тигээйичээн. Кини барыбытынааҕар күүстээх. Чэ,
       көттүбүт?
          Л ы а х. Мин куттанабын.
          Тигээйичээн. Куттаныма. Мин атгыгар баарбын дии.
       Эйигин атаҕастаабыты тигиэм, эрэн. Көр бу иннэлээхпин.
          Л ы а х. Уой... эн олус хорсун эбиккин дии... Чэ, көтүөх...
                   Илиилэриттэн ылсан ыллыы-ыллыы көтөллөр.
                      Маҥан, күөх — араас чэчиктэр,
                      Эһиги киэҥ сиринэн үүнэҕит, кэрэҕит.
                      Сандал сааспыт эргийэн кэлэн,
                      Өрүү үөрдэ туруохтун.
         Көтөн бараллар. Кемуул сиэп төлөпүөнэ тыаһыыр. Кемуул уутун быыһы-
                            гар төлөпүөнүн хостуур.
          Кемуул. Алуо! Истэбин. Хонууга. Суох. Кими да көрсө
       иликпин. Чуумпу. Чэ, этэҥҥэ. Хайаан да эрийиэм. Оннук!
       Бастыҥ сынньалаҥы тэрийиэхпит! Этэҥҥэ, доҕоор. Айан-
       ньыт дьиэтигэр эбэтэр суолга буолуохтаах. Саас... Чэ, аны
       туохха анаан кэлбиппин булуох эрэ кэрэх...

                                  Ыллыыр.
                       Хара турааҕынан толору бу хочо,
                       Биэнэн баай ол холкуос...
                Ала Тураах халаахтыыра иһиллэр, тиийэн кэлэр.
         х
                                                                363
   360   361   362   363   364   365   366   367   368   369   370