Page 364 - Кун кууьар хайатыттан
P. 364

Тигээйичээн.
                                Мин тигээйибин, тигээйибин
                                Бары ыарыыны эмтиибин...
                  Уой... Бу тугуй? Чэчик дуу...
                  К е м у у л. Туох айылаах дыыгынаан хааллыҥ. (Хортууһу-
               нан тигээйини охсор.)
                  Л ы а х. Чэчик, чэчикчээн тэтэркэй, маҥан... Бай... бары
               ханна бардылар? (Тигээйини көрөн баран.) Уой! Эн кимҥиний?
                  Тигээйичээн. Мин Тигээйи оҕотобун. Уол Тигээйи-
               чээммин.
                  Л ы а х. Уол?
                  Тигээйичээн. Оннук, Уол Тигээйичээммин. Оттон
               эн олус кэрэ чэчиккин.
                  Л ы а х. Мин чэчик буолбатахпын. Мин — лыахпын. Чэ-
               чиктэри көрдүүбүн.
                  Тигээйичээн. Мин эмиэ чэчиктэри көрдүүбүн.
                  Л ы а х. Буллаххына тугу гынаҕын?
                  Тигээйичээн. Чэчик сүмэтин хомуйабын. Мүөт оҥо-
               робун.
                  Л ы а х. Үчүгэйиин.
                  Тигээйичээн. Манна чэчик суох. Көтүөххэ, иккиэн
               көрдүөххэ.
                 Л ы а х. Ханна?
                  Тигээйичээн. Хайаҕа. Эбэм этэр этэ, хайаҕа үүнэр
               чэчик сүмэтэ олус туһалаах диэн.
                 Л ы а х. Оттон миэхэ ийэм бу хонууттан тэйимэ диэбитэ.
               Ол эрээри... манна олох да чэчик үүммэтэх эбит дии...
                 Тигээйичээн. Эн бастакыгын көттүҥдуо?
                 Л ы а х. Бастакыбын. Оттон эн?
                 Тигээйичээн. Мин олохпор эмиэ бастакыбын чэчик
               сүмэтин хомуйа таҕыстым. Төрөөбүт дойдубут олус кэрэ дии?!
                 Л ы а х. Кэрэ!
                 Тигээйичээн. Ыллыахпын баҕардым.
                               Мин кыра Тигээйибин,
                               Бары ыарыыны эмтиир эми оҥоробун.
                               Мин мүөппүн амсайдаххытына,
                               Олоххут минньигэс буолуо!
                 Лыахчаан, отгон эн ырыалааххын дуу?
               362
   359   360   361   362   363   364   365   366   367   368   369