Page 375 - Кун кууьар хайатыттан
P. 375
Ала Тураах кынатын тыаһа иһиллэр.
Кермарал соһуйбуттуу тулатын көрүнэр.
Б у г у ч а р. Ийэкээ! Мин эмиэ киһи буолуохпун баҕара-
бын.
Аҕылаан-мэҥилээн Ала Тураах кэлэр.
Ала Тураах (Тугутчааҥка). Киһи буолуоххун баҕара-
ҕын?! Икки атах бэйэтэ да сатаан Киһи буолбат буоллаҕына,
эн ама хайаан Киһи буолуонуй? Кермарал! Куот! Тургэнник!
Кермарал. Махтал, Ала Тураах убайым. Кырдьык да —
атын сыт... Бара охсуох эрэ мантан... Түргэн... Түргэн, тоо-
йуом...
Куоталлар. К е м у у л сыанаҕа сүүрэн тахсар.
Ала Тураах. Ытык Хайабытыгар иэдээн кэллэ...
Иэдээн...
К е м у у л (Ала Тураахха). Хайа, эн эмиэ манна бааргын
дуо?
Ылан тааһынан быраҕар. Ала Тураах туора көтөр.
Албын Таба, сиргэ да тимирбэккин ээ! Сытымсаҕыҥ да
бэрт... Дьэ бэйи! Мин эйигин, оннооҕор, сир түгэҕиттэн бу-
луом! Өссө тугуттаах сылдьар эбит. Таах мээнэ уотуллубут хой
оҕото! О-ох, хаарыаны, ити эттэн — үөлүллүбүт эт эбэтэр
куурдак1! Онтон ордук туох минньигэс баар буолуой?!
А т а у у л сыанаҕа тахсар.
А т а у у л. Айанньыт, аартыгыҥ арылыннын! (Эҕэрдэлиир.)
Кэпсиэ, ханналаатыҥ?
К е м у у л. Хайаҕа. Сайылыкка.
Ала Тураах. Албынныыр.
А т а у у л. Соҕотоҕун дуо?
К е м у у л. Ол соҕотоҕун барар көҥүллэммэт буолбута дуо?
Ала Тураах. Барыта албын. Былырыын эмиэ куһаҕан
булчуттары бөртөлүөтүнэн кини манна аҕалбыта.
К е м у у л. Бу халаахтыыр Ала Тураах баара! (Тааһы ылан
тамнаары гынар.)
Ала Тураах. Айыы Таҥарам!! Өлөрүүһү!!
1 Куурдак (куырдак) — эттэн, ис уорганнартан соркуой.
373

