Page 376 - Кун кууьар хайатыттан
P. 376
Атауул. Бу харыстанар ытык сир. Тааскын бырах. Ман
на бултуур бобуулаах. Маннааҕы кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр ба-
рыта — Кыһыл кинигэҕэ киирбиттэрэ.
К е м у у л (тааһын туора быраҕан баран). Оннооҕор бу ха-
лаахтыыр Ала Тураах эмиэ дуо?
Ала Тураах. Дьэ... итэҕэйбэт буоллаххына, көр —
атахпар биһилэхтээхпин — көрөҕүн: Хара Кынаттаах Ала Ту
раах!!..
А т а у у л. Кини эмиэ Кыһыл кинигэҕэ киирэн сылдьар.
К е м у у л. Чэчиктэри эмиэ хомуйуо суохпун дии?
А т а у у л. Хомуйбаккын. Манна олус сэдэх чэчиктэр
үүнэллэр. Өссө төгүл санатабын — манна кутаа оттубаккын.
Кутаа уота окко-маска тэнийиэн сөп.
К е м у у л. Ото-маһа эмиэ Кыһыл кинигэҕэ дуо?
А т а у у л. Этэбин дии, харыстанар сир диэн. Манна сүтэн
эрэр от-мас, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр баар диэн.
К е м у у л. Оччоҕо ол уот Кыһыл кинигэҕитигэр туох
киирбэтий?
А т а у у л. Өскөтүн бары саа сүгэһэрдээх сынньана кэлэр
буоллахпытына — Кыһыл кинигэҕэ киирбэт олус аҕыйах хаа-
лар.
Ала Тураах. Эн эрэ Кыһыл кинигэҕэ киирбэккин.
Киириэҥ да суоҕа!
К е м у у л. Ээ-эх!.. Моонньоох баскын быһа эрийбит киһи
баар ини!..
А т а у у л. Тыытыма!
К е м у у л. Киһи мэйиитин эргитэн туох айылаах дааҕыр-
ҕаата!.. Көппөккүн дуо мантан?
Ала Тураах. Бэйэҥ кот.
К е м у у л. Ити халаахтыырыттан туту эмэ өйдүүгүн дуо?
А т а у у л. Эйигин бар диир кини.
К е м у у л. Эс ама! Эн этэргинэн буоллаҕына — чыычаах
тылбаасчыта эбиккин дии ессо.
А т а у у л. Сааҕар көҥүллэтии баар дуо?
К е м у у л. Баар. (Кумааҕыларын уунар.)
Атауул аадар.
Атауул. Махтал. Барыта соп. Ол эрээри... сайылыкка
диэри мантан суол суох. О-ол улахан үрэҕи көрөҕүн? Сайы-
374

