Page 380 - Кун кууьар хайатыттан
P. 380

Т ү л п э э н. Мин — түлпээммин. Мин — чэчикпин.
                 Тигээйичээн. Оттон ЭН КИМҤИНИЙ?
                 Саймалуу Таас. Оттон мин — Саймалуу Тааспын.
              Мин — былыргы кэммин.
                 Л ы а х (Түлпээҥҥэ барар). Наһаа дьикти аатгааххын дии —
              Түл-пэ-эн...
                 Саймалуу Таас. Оҕолоор, Түлпээн былыргы боотур-
              дар хааннарыттан үүнэн тахсыбыт буолан хаан кыһыл өҥнөөх.
                 Тигээйичээн. Ол аата?
                 Т ү л п э э н. Былдьаһыктаах былыргы дьыл быдан мын-
              даатыгар Аан ийэ дойдуларын, алаһа дьиэлэрин көмүскээн
              аата-ахса суох элбэх боотур умсубута.
                 Саймалуу Таас. Бары эдэр-чэгиэн... ис киирбэх...
              бары хорсун-хоодуот этилэр.
                 Т ү л п э э н. Боотур биир таммах хаана тохтубут сири-
              гэр — биһиги үүнэн тахсыбыппыт.
                Л ы а х. Ок-сиэ!..
                 Т ү л п э э н. Ол иһин биһиги хас саас аайы тыллабыт.
                 Тигээйичээн. Бу чэчиктэр оччоҕо бары боотурдар
              этэ дуо? (Эргиччи көрөр.) Сир ньуура барыта...
                 Саймалуу Таас. Бары. Урут оссо элбэх этэ.
                 Т ү л п э э н. Урут дьон боотурдар хааннарыттан үүммүп-
              пүтүн ытыктаан биһигини үргээбэттэр этэ. Эбэм кэпсээ-
              нинэн, саас, биһиги мунугаан тыллан, киэркэйэн турдахпы-
              тына, айанньыттар тууран ылыахтааҕар, аттарыттан ыстанан
              түһээт, өбүгэ дойдутугар төннүбүт боотурдар куттарыгар ку-
              турҕан тылларын этэллэрэ эбитэ үһү.
                Л ы а х. Оттон эн эбэҥ билигин ханна баарый?
                 Т ү л п э э н. Мин силиспэр. Билигин биһигини иккитэ
              төхтүрүйэн өлөрөллөр.
                Л ы а х (соһуйбуттуу). Хайдах ол аата?
                 Т ү л п э э н. Силистиин түөрэн ылаллар...
                Л ы а х. Ол тоҕо силистиин түөрэллэр? Сиэри дуо?
                 Тигээйичээн (тула баар чэчиктэри үрдүлэринэн кө-
              төр). Акаарычаан! Чэчиктэри сииллэр диигин дуо? Сиэбэт-
              тэр! Баһаарга илдьэллэр уонна атыылыыллар.
                Л ы а х. Ол аата?
                 Тигээйичээн. Атыылыыллар. Биир киһи — атын
              киһиэхэ биэрэр.
              378
   375   376   377   378   379   380   381   382   383   384   385