Page 396 - Кун кууьар хайатыттан
P. 396

— Өссө аны кинилэри Папаҥҥа буолар көргө-нарга тиэ-
              йэн биэриий!
                 — Бэрэмэдэйгитин ылыҥ да сүөкэниҥ, хайа муҥун хас
              остоолбо аайы тохтуу сылдьыай!..
                 — Дьэ дьон да бөҕөҕүт. Бэйэҕит эрэ иннигитин көрүнэҕит.
              Эһигини туох күүтэрин көрөн иһиллиэ, — дии-дии оҕонньот-
              тор саамай саастаах киһилэригэр малын көтөхсөн көмөлөһөн,
              маҕаһыын аттыгар таһырдьа тахсаллар.
                 Биһиги аилбытыгар оптуобус үйэ тухары сылдьыбат. Урут
              да сылдьыбат этэ, эгэ билигин кэлиэ дуо! Тыа дьоно Ноокат-
              ка кэлэннэр баһаардары, маҕаһыыннары кэрийэн бараннар,
              аилбыт аттынан ааһар үс оптуобустан бииригэр олорсоннор
              дьиэлииллэр. Ону да батан киирдэхтэринэ. Маҕаһыын атты­
              гар саҥата суох (бэйэҕит көрдүгүт көрдөстөхтөрүнэ туох буо-
              ларын) түһэн хаалаллар уонна алта уулуссанан тарҕаһан хаа-
              лаллар.
                 Мин эмиэ оптуобустан түстүм. Аарыма мае анныгар маҕа-
              һыын утарыта били оҕонньотторбут олороллор эбит. Бүтүн
              төгүрүк сыл иһигэр миэстэлэрин уларыппатахтар. Уруут-урут,
              мин манна кэлэн барарбар кинилэр эмиэ сити мае анныгар
              иттэ олорор буолаахтыыллара. Ол да сахха саманнык өбүгэлэ-
              рин ахталлара, былыргы номохтору санаһаллара, сибилигин
              даҕаны ол кэптэринэн үйэттэн үйэҕэ өлбөтү-сүппэти, дьиҥ
              кырдьыктаах төрдүн-төбөтүн симэлиппэккэ, уостан-уоска бэ-
              риллэри үөтэллэр; ол ыаһах бүтэр уһуга биллибэт.
                 Тоҥхоҥнооммун, бэтэрээ уһуктан хас биирдиилэрин кэ-
              рийэ дорооболоһон барабын.
                 — Эн хайаларын уолаҕыный? — мин илиибин ыһыктыбак-
              ка эрэ Артык оҕонньор ыйытта. Былырыын эмиэ ситинник
              туоһуласпыта. Миигин буолбакка, бастатан туран аҕабын ток-
              коолоһоору.
                 — Аҕам Мурза, — диибин, киниэхэ нөрүйэ-нөрүйэ, баҕар,
              сааһыран билбэтэҕэ буолуо, чугастан көрөрө ордук диэммин.
              Онуоха эбии бу сыл тухары аҕам туһунан аан бастаан ыйып-
              пыттарыттан, аҕам аатын үөрэ ааттыырбыттан тоҥхойорум
              буолуо... Уонна аҕам үөлээннээҕин илиитин буоларынааҕар
              арыый күүскэ ыга тутабын.
                 — Кимиэнэбин диэтэ? — Артык бэттэх диэки буолар.
              394
   391   392   393   394   395   396   397   398   399   400   401