Page 392 - Кун кууьар хайатыттан
P. 392

өйдөөн кэллэ. Уонна бэйэтин олус аһына санаата, эмиэ хара-
              ҕын уута ыгыллан таҕыста. Эрин үөрдээри, суобаһын киртит-
              тэҕэ... Онтон харчыны атыыһыкка биэрээри дугдуҥнаан ба­
              ран, кыамматаҕын өйдөөн кэллэ. Харчыны төтгөрү оннугар ил-
              дьэн быраҕара эмиэ киниэхэ олус ыарахан, кыаллыбат суол этэ.
                 «Тоҕо? — диэн ботугураата кини. — Togo?». Ол эрээри
              итиннэ кини кыайан эппиэт булбата. Хата дэлби сылайда,
              аҕылаата. Бу томтору эрэ тахсыбыт киһи... «Таҥара кыраатын
              эһигини!» — эмиэ ийэтин саҥата иһилиннэ. Арыый уоскуй-
              да. Туох баарынан итинник хаһыытыан баҕарда. Онтон том-
              торго тахсаат, тутуурун ууран сынньана түстэ. Кыратык тулу-
              йа түстэҕинэ, дьиэтигэр тиийиэ. Оччоҕо барыта умнуллуо...
              Суумкатын ылан эмиэ хааман барда. «Түргэнник дьиэҕэ тии-
              йэ охсуохха!» — эрэ диэн саныыр, сүүрэ былаан хааман иһэн.
              Бэйэтиттэн бэйэтэ куотан ол курдук сордонон истэ...
                 Суол кытыытыгар соҕотох турар талахха хараҕа иҥиннэ.
              Саҥа көрбүттүү, дьиктиргээн тохтуу түстэ. Хас сырыы аайы
              кини бу талахтан биир лабааны тосту тутан ылан, хааман
              иһэн илиитигэр эргитэ оонньооччу. Дьиэтин ааныгар тиийэн
              быраҕан кэбиһээччи... Кини ону бэйэтэ да өйдөөбөтүнэн оҥо-
              рооччу. Оттон билигин ол талаҕын дьэ үчүгэйдик өйдөөн көрдө.
              «Сордоох суйданан, тононон түһэн тоҕо сүрэй!» — дни санаата.
                 Урут биирдэ аҕата киниэхэ харчы биэрбитэ. Уонна эп-
              питэ: «Сэрэн, сүтэрэн кэбиһээйэҕин! Ийэҕэр биэрээр. Ис­
              томин дуо, ийэҕэр эрэ...» Оттон ийэтэ дьиэтигэр суох эбит.
              Аны киһи харчы ууруохха айылаах сирэ эмиэ суох. Хайдах гы-
              ныахха? Бэйэтигэр илдьэ сылдьыан баҕарбат. Ол иһин харчы­
              ны оҕуруокка талах аттыгар сытар таас анныгар кистээбитэ.
              Чугаһынан ким да суох этэ, арай ыраах ыаллара дьахтар сыл-
              дьара. Киэһэ харчытын ыла кэлбитэ, харчыта суох. Тааһа сы­
              тар, отгон харчы суох. Кини бүтүн бэйэтэ дьигиһийэ түһээт,
              харса суох көрдөөбүтүнэн барда. Талах аннын бүтүннүү хаста
              да, мэлийдэ. Онно кини харчы сүппүтүн итэҕэйбэтэҕэ. Сар-
              сыарда кэлэн эмиэ көрдөөбүтэ да, туту да булбатаҕа. Ийэти-
              гэр кэпсээбитэ. Ыала дьахтар корон турбутун эмиэ эппитэ.
              Онуоха ийэтэ: «Оччоҕо ыалбыт үчүгэй сиргэ кистээбитэ буо-
              луо, дьон булбатыннар диэн... Ылбыт буоллаҕына аҕалыаҕа.
              Ол харчы аайы ыалбын кытта иирсиэ суохпун!» — диэбитэ.
              Оттон ыаллара дьахтар туту да эппэтэҕэ. Арай кини ити сүтү-
              390
   387   388   389   390   391   392   393   394   395   396   397