Page 391 - Кун кууьар хайатыттан
P. 391
халлааны көрө сылдьарыҥ буолуо». Кини төһө да кыҥастаһа
сатаатар, биирдэ да харчы булбатаҕа. Бу олоҕор аан маҥнай
булла...
Онтон ыла элбэх сыл аастаҕа.
Кини оҕо эрдэҕинэ ийэлэрэ биирдэ балай да элбэх харчы-
ны сүтэрбитэ. Дьиэ дьон бары тахсан көрдөөбүттэрэ. Суох,
харчы көстүбэтэҕэ. Ийэлэрэ муҥнаах адьас иэдэйбитэ. «Онно
тиийэрбэр баара ээ, манна кэлэрбэр эмиэ баара...» Кини
оччолорго кыра кыыс ийэтин олус да аһыммыта... Халлаан
хараҥарбытын кэннэ ийэлэрэ сир тымырыгар, дьүүктэ уута
тахсар сиригэр бараары гыммыта, онно түһэрбитим буолуо
диэн. Адалара кыыһырбыта: «Барыма онно-манна! Сырдык-
ка булбакка гынан баран, бачча хараҥаҕа хайдах булуоххунуй!
Түспүт да буоллаҕына, дьон ыллахтара дии!» Ийэтэ туту да
саҥарбакка тахсан барбыта. Кини ийэтин батыһан барсыбы-
та. «Бастаан манна кэлбитим, онтон онно барбытым, онтон
онно олорон сынньаммытым...» — хааман иһэн ийэтэ быыс-
тала суох хатылыыра...
Ол ааспыт быһылааны саныы иһэн, кини ийэтэ суол хас
оллурун-боллурун ааҕа билэрин сөҕө санаата. «Ийэм билигин
да уу баһар суолун умна илик ини» — дии санаата.
«Буллуом!» ийэтин үөрүүлээх хаһыыта билигин да кул-
гааҕар иһиллэр. Ийэтэ онно сиргэ ыһыллыбыт харчылары,
кимтэн эрэ көҥөммүттүү, бүтүн бэйэтинэн баттыы түспүтүн
кини өйдүүр. Онтон ойон тураат, хомуйан барбыта. Кыыһа
көрөн турбута. Ытыс таһынар хараҥаҕа харчы хачыгырыыр
тыаһа эрэ иһиллэрэ. Уонна ийэтэ ытаан сыҥыргыыра... Бач
ча хараҥаҕа кини хайдах булбутун билигин да өйдөөбөт...
«Таҥара кыраатын эһигини!» — диэн ийэтин саҥата иһил-
лэргэ дылы гынна. Ити кини кими эппитэ буолла? Сатаан
өйдөөбөтө. Хараҕар ийэтин оччотооҕу буруйдаммыт дьүһүнэ
көстөн кэллэ. Эрэйдээҕи олус диэн аһынна.
Хаамыытын эбэн биэрдэ. Урут кини бу суолга ыарахан ту-
туурдаах иһэн, хаста эмэ сынньанан дьиэтигэр тиийэрэ. От
тон билигин суумката түүтээҕэр чэпчэки курдук. Эмиэ бэйэ-
тин мөкү быһыытытган саатан кэллэ. Дьиҥинэн, кини харчы-
ны иччитигэр төннөрөр санаалааҕа эбээт. «Бу кимиэнэй? Ким
түһэрдэ?» диэҕин баҕарбыта да, тоҕо эрэ инньэ диэбэтэҕэ...
Онтон харчыны хайдах ылбытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ
389

