Page 59 - Кун кууьар хайатыттан
P. 59

Миигинэ суох эн өссө олоруон,
                     Мин эйигинэ суох уостуом.


                                  поэт

                     Аргыый үктүүр хардыытынан
                     Санааларын саамылыы,
                     Сэргэстэһэ хааман иһэр
                     Суруйааччы атаһым.
                     Кини ааспыт айаныгар —
                     Сэрии уоттаах суоллара,
                     Тоҥо, буһа бииргэ хаампыт
                     Доҕотторун... уҥуохтара.
                     Мин билэбин, кини ырыаларын
                     Дьон-сэргэ таптаан ыллыыр,
                     Төрөөбүт халлаанын анныгар
                     Хочолорго, хайаларга тыаһыыр.
                     Ол ырыалара, бадаҕа —
                     Виноград утаҕын курдуктар,
                     Хас биирдии виноград-тыллара
                     Ураты сүмэһин уохтаахтар.

                     Ол эрэн хас биирдии строката
                     Минньигэс сүмэһин буолбатах,
                     Ааспыт кэм бэлиэтэ амтаннаах
                     Отоно ап-аһыы утахтаах.
                     Үөрүүнү, иэдээни амсайбыт
                     Поэт аргыыйдык хаамар,
                     Кэнниттэн, харыс сир хаалбакка,
                     Сэрии күлүгэ батыһар.

                     Сиэллээх, туйахтаах эрэ барыта
                     Быһый сүүрүк буола төрөөбөт,
                     Хайа эрэ буоллар, үгүһэ
                     Чыпчаала халлааны өйөөбөт.

                     Ырыаһыт чыычаах элбэх да,
                     Олортон биир эмит сорҕото,
                                                                 57
   54   55   56   57   58   59   60   61   62   63   64