Page 152 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 152

typSyhaxmap ;/Ца дойду көмускэлигэр



                               ОКОЕМОВ СЕМЕН АФАНАСЬЕВИЧ
                                               (1920-1943)

                                          1920 сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр Күөрүмэ
                                       алааска Афанасий Егорович уонна Анна Васильев­
                                       на Окоемовтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт.
                                          Уус Күөлүн оскуолатыгар үөрэнэн, сэттэ кылаа-
                                       һы бүтэрбит. Оскуола кэнниттэн «Хамыдал» хол-
                                       куоска биригэдьииринэн, холкуос бэрэссэдээтэли-
                                       нэн, сурук үлэтигэр көмөлөһөөччүнэн үлэлээбит.
                                          Дьокуускай куоракка Аммосов Терентий Васи-
                                      льевичтаахха олорон, Тыа хаһаайыстыбатын ми-
                                       нистерствотыгар — Наркомземҥа үлэлээбит.
                                          Сэриигэ Нам оройуонун байыаннай комисса-
               риатынан 1942 сыл атырдьах ыйын 19 күнүгэр ыҥырыллан барбыт. Иркут-
               скайга тиийэн Мальта станцияҕа үөрэнэ сылдьан дьонугар сурук ыыппыт.
               1943 сыл бэс ыйыгар сэриилэһэ сылдьан сураҕа суох сүппүт.

                    Хамыдаллар, —Дьокуускай, 2013,—С. 140.
                                                      * * *
                    Окоемов А. Кыргыһыы хонуутугар сүппүтэ / Афанасий Окоемов // Мүрү саһарҕа-
                    та,— 2010, — Атырдьах ыйын 10 к.


                                ОКОЕМОВ СЕМЕН МИХАЙЛОВИЧ
                                               (1925-2011)

                                          1925 сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр Михаил
                                       Сергеевич уонна Варвара Прокопьевна Окоемовтар
                                      дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт. 5 кылаас үөрэхтээх,
                                       кыра сааһыттан Сталин аатынан холкуоска араас
                                       үлэҕэ үлэлээбит.
                                          1942  сыллаахха оройуон киинигэр Бороҕоҥҥо
                                       байыаннай үөрэххэ ыҥырыллан үөрэммит.
                                          1943 сыллаахха бэс ыйыгар Чурапчы оройуонун
                                       байыаннай комиссариатынан ыҥырыллан армияҕа
                                       барбыт. Монголияҕа Чойбалсан куоракка байыаннай
                                       үөрэҕи барбыт, сибээс, суол үлэтигэр сылдьыбыт.
                                          1944  сыл күһүнүгэр Читинскэй уобаласка ил-
               134
   147   148   149   150   151   152   153   154   155   156   157