Page 157 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 157
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
Үөскээбит түөлбэм ыллыктара : Кыһыл-Хардыы холкуос историята / [хомуйан
оҥордо В. М. Копырин].— Уус Күөлэ, 2000.— С. 2 8.
ПЕСТРЯКОВ ЕГОР ДМИТРИЕВИЧ
(1926-1975)
1926 сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр Бүтэй-
дээххэ Дмитрий Егорович уонна Матрена Никола
евна дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт.
Курбуһах оскуолатыгар үөрэнэн 5 кылааһы бү-
тэрбит. 1945 сыл от ыйын 7 күнүгэр Нам оройуонун
байыаннай комиссариатынан ыҥырыллан аармыйа-
ҕа барбыт. Байыаннай үөрэҕи Мальта станцияҕа
барбыт, онтон Кытай сиригэр Харбин куоракка тии-
йэн байыаннай бирисээгэ биэрбит. Онно байыаннай
ыстаабы, билиэннэйдэри харабыллаабыт. Дойдуту-
гар 1950 сыллаахха эргиллэн кэлбит.
Дойдутугар кэлээт, 1951 сыллаахха тырахтарыыстар куурустарыгар
үөрэммит уонна МТС-ка үлэҕэ киирбит. 1953 сыллаахха алта ыйдаах ком
байнер үөрэҕэр үөрэттэрэ ыппыттар. Кыһынын тырахтарыыстыыр, сайы-
нын сиэмэ хомууругар үлэлээбит, биригэдьиирдээбит.
1961 сыллаахха Курбуһах интернат-оскуолатыгар тырахтарыыстаабыт.
1962 сыллаахха нэһилиэк салалтата электросварщик үөрэҕэр ыыппыт.
Сыырдаахха «Победа» холкуоска, салгыы Курбуһахха сварщигынан үлэ-
лээбит. Фермаларга автодойка, автопоилка, саах таһаарар рельсэлэри, дул-
ҕа кырбатар тэриллэри оҥорбут үтүөлээх.
1970 сыллаахха «Коммунистическай үлэ ударнига» ааты ылбыт уонна
«Москвич» массыына фондатынан наҕараадаламмыт.
Кэргэнэ Аммосова Февронья Алексеевналыын биир уол, үс кыыс оҕо-
ломмуттар. Билигин кинилэр олохторун сиэннэр уонна хос сиэннэр сал-
гыыллар.
Кыайыыны уһансыбыт ытык ийэлэр / Арассыыйатааҕы «Билии» уопсастыба
Саха сиринээҕи салаата. — Дьокуускай, 2015.— С. 113.
Хаарыан сайылыкпыт Халарык Толооно : сырдык ааттар, ыра санаалар. — Дьо
куускай, 2020. — С. 67-68.
139

