Page 28 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 28

'J



                      Кцрбуһах.тар дойдд көмускэлигэр

           КЫАИЫЫ!
                                  АММОСОВ ИВАН ИВАНОВИЧ
                                               (1907-1943)

                  1907 сыллахха I Курбуһах нэһилиэгэр Кэрэхтээх диэн сиргэ төрөөбүт.
               Уус Күөлүн оскуолатыгар үөрэммит. Төрөппүттэрэ Молотов аатынан хол-
               куос чилиэннэрэ. Кинилэр Бэтиэттинигэ, Хатыҥнаахха олорбуттар. Сэрии
               иннинэ холкуоһугар биригэдьииринэн үлэлээбит.
                  Кыһыл хааннаах, толору эттээх-сииннээх, турбут-олорбут, үлэһит үтүө-
               тэ, үчүгэй майгылаах-сигилилээх, дьон-сэргэ убаастыыр киһилэрэ эбит.
               Кэргэнэ Настааканы кытта Майыанаҕа Местников Петр Иннокентьевич
               дьонун кытта бииргэ олорбуттар. Анна диэн соҕотох кыыстара Бурнашев
               Феодосий Васильевичка кэргэн тахсыбыт.
                  1942 сыл атырдьах ыйын 12 күнүгэр Чурапчы оройуонун байыаннай
               комиссариатынан ынырыллан сэриигэ барбыт уонна 1943 сыллаахха өлбүт.
               Көмүллүбүт сирэ Смоленскай уобалас Сычевскай оройуона.

                    Уоттаах сэрии сылларыгар / Уус Алдан улууһун дьаһалтата,— Бороҕон, 1995. —
                    С. 43.


                                 АММОСОВ ИВАН ИВАНОВИЧ II
                                               (1922-1941)

                  1922 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Хандарыкыга Василий Ивано­
               вич уонна Акулина Васильевна Аммосовтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт.
                  «Кыһыл хардыы» холкуоска үлэлии сылдьан 1941 сыл атырдьах ыйын
               12 күнүгэр Чурапчы оройуонун байыаннай комиссариатынан сэриигэ ыҥы-
               рыллыбыт. Арҕааҥҥы фроҥҥа сэриилэспит. Смоленскай таһыгар төгүрүк-
               тээһиҥҥэ түбэһэн сураҕа суох сүппүт. Кэргэн ылбакка эрэ сэриигэ барбыт.

                    Уоттаах сэрии сылларыгар / Уус Алдан улууһун дьаһалтата,— Бороҕон, 1995. —
                    С. 43.













               26
   23   24   25   26   27   28   29   30   31   32   33