Page 73 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 73

Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!


                                                                                  НЫАИЫЫ!
                              ВАСИЛЬЕВ ИВАН ПЕТРОВИЧ
                                          (1903-1943)


             1903 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр төрөөбүт. Чурапчы оройуонун
          байыаннай комиссариатынан ыҥырыллан сэриигэ барбыт.
             1943  сыл от ыйыгар сэрии толоонугар охтубут. Көмүллүбүт сирэ бил-
          либэт.

               Уоттаах сэрии сылларыгар / Уус Алдан улууһун дьаһалтата. — Бороҕон, 1995. — С. 43.



                           ВАСИЛЬЕВ ИВАН ФИЛИППОВИЧ
                                          (1925-2004)


             1925 сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр Көрдү-
          гэн диэн сиргэ Филипп Игнатьевич уонна Мавра
          Ивановна Васильевтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт.
             Курбуһах оскуолатыгар үөрэммит, алта кылаас
          үөрэхтээх. Сэрии иннинэ Сталин аатынан холкуос
          араас үлэтигэр сылдьыбыт.
             1944  сыл ыам ыйыгар Чурапчы оройуонун ба-
          йыаннай комиссариатынан ыҥырыллан аармыйаҕа
          барбыт. Бастаан Мальта станциятыгар биир ый кур-
          дук хаһаарыма туттарбыттар, онтон Япония кыра-
          ныыссатыгар илдьибиттэр. Манна «Тамзах-Булах»
          байыаннай чааска 293 №-дээх полк иккис батальонугар 4-с стрелковай ро-
          таҕа кыһын устата байыаннай үөрэҕи барбыт. Байыаннай үөрэх кэнниттэн
          бэс ыйыгар Хинган хайатыгар сэриилэспит. Сэрии кэнниттэн билиэн тү-
          бэспит дьоппуон саллааттарын үлэлэтиигэ харабылга сылдьыбыт.
             Японияны кытта сэрии кэнниттэн Монголияҕа икки сыл сулууспалаан
          «Японияны кыайыы иһин» мэтээллээх, И. В. Сталин илии баттааһыннаах бо-
          чуотунай грамоталаах төрөөбүт дойдутугар 1948 сыллаахха эргиллэн кэлбит.
             Кэлээт холкуоһугар, кэлин «Лена», «Сардаҥа» сопхуостарга араас үлэ-
          лэргэ үлэлээбит.
             2004 сыллаахха Ньурба оройуонугар төрөппүт кыыһыгар олорон, ыара-
          хан ыарыыттан өлбүт.
             4 оҕолоох, элбэх сиэннээх, хос сиэннэрдээх.

               Иккис Курбуһах Сталин холкуоһа Кыайыы туһугар.— Дьокуускай, 2007, — С. 46.

                                                                                    71
   68   69   70   71   72   73   74   75   76   77   78