Page 69 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 69

Л

                                    Ким да уммуллубат, туох. да умнуллубат!


                                                                                  КЫАИЫЫ!
                           БУРНАШЕВ ФЕДОР НИКОЛАЕВИЧ
                                          (1905-1943)

              1905 сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр Халып-
          таах алааска Николай Петрович уонна Екатерина
          Емельяновна Бурнашевтар дьиэ кэргэннэригэр то­
          рообут.
              Ликбезкэ үөрэнэн холкутук ааҕар-суруйар буол-
          бут. Кыайыгас-хотугас, үчүгэй үлэһит эбит. Кэргэнэ
          суох.
              1942  сыл от ыйыгар «Толоон Эбэ» холкуоска
          биригэдьииринэн улэлии олорон, Чурапчы байыан-
          най комиссариатынан ыҥырыллан сэриигэ барбыт.
          1944 сыл атырдьах ыйыгар сэриилэһэ сылдьан сэ-
          рии толоонугар охтубут. «Норуот ейдебунньугэ» сайтка киирбитинэн
          1943 сыллаахха сэтинньигэ сураҕа суох сүппүт. Кемуллубут сирэ биллибэт.

                Костромина Е. И. Толоон Збэ / Костромина Е. И. — Дьокуускай, 2010, — С. 30.



                         БУРНАШЕВ ФЕДОСИЙ ВАСИЛЬЕВИЧ
                                          (1927-2007)

              1927 сыл балаҕан ыйын 10 күнүгэр II Курбуһах
          нэһилиэгэр Илин Сараахха Сойуолаах алааска Ва­
          силий Афанасьевич уонна Дария Прокопьевна Бур­
          нашевтар дьиэ кэргэннэригэр тореобут. Бииргэ те-
          рөөбүт иккиэлэр. Аҕалара Федосий 4 саастааҕар
          елен быраатыныын Афанасийдыын соҕотох ийэҕэ
          кыһалҕалаахтык улааппыттар. Оскуолаҕа үөрэммэ-
          тэх. Улахан уол буолан ийэтигэр Дария Прокопьев-
          наҕа көмөлөһөн от оттоһон, мае мастаһан улааппыт.
          Ийэлэрэ Федосий 14 саастааҕар өлөн, уолаттар тө-
          гүрүк тулаайах хаалбыттар.
              Аармыйаҕа барыар диэри «Бэс үрэх» холкуоска,
          онтон Сталин аатынан холкуоска араас үлэлэргэ үлэлээбит.
              1945 сыллаахха Нам оройуонун байыаннай комиссариатынан ыҥырыл-
          лан аармыйаҕа барбыт. Балаҕаннаахтан төрдүө буолан Ермолаев Христо-


                                                                                     67
   64   65   66   67   68   69   70   71   72   73   74