Page 95 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 95

Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!




          бит, ССКП чилиэнэ буолбут. 1951-1953 сылларга Курбуһахха Буденнай
          аатынан холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. 1954-1973 сылларга Уус
          Алдан, Эдьигээн оройуоннарыгар эргиэн тэрилтэлэригэр салайар үлэлэргэ
          үлэлээбит. «Сэбиэскэй эргиэн туйгуна» бэлиэнэн наҕараадаламмыт.
             «Германияны кыайыы иһин» мэтээлинэн, Аҕа дойду сэриитин II ис-
          тиэпэннээх уордьанынан, «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кил-
          биэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн, Кыайыы үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн
          наҕараадаламмыт. Кэргэнэ Анастасия Васильевна Местниковалыын 52 сыл
          устата сүрдээх эйэлээхтик, олус ытыктаһан олорбуттар. Кинилэр олохторун
          оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.
              Степан Петрович 1992 сыллаахха 77 сааһыгар сылдьан олохтон туо-
          раабыт.

                Колодезникова, А.С. Истээх Местниковтара : (А.В.Местникова ахтыытынан) /
                А. С. Колодезникова. — Дьокуускай, 2009. — С. 80-96.
                Костромина Е.И. Толоон Эбэ / Костромина Е. И. — Дьокуускай, 2010.— С. 34-37.



                             ИВАНОВ ВАСИЛИЙ ПЕТРОВИЧ
                                          (1910-1943)

              1910 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Дьаарыҥҥа Иванов Петр Ивано­
          вич дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Дойдутугар Кыраадыс уола диэн ааттыыл-
          лар эбит. Сэриигэ ыҥырыллыар диэри «Коммунизм» холкуоска үлэлээбит.
              1942  сыл бэс ыйын 26 күнүгэр Чурапчы оройуонун байыаннай комис-
          сариатынан сэриигэ ыҥырыллыбыт. 16 стрелковай полк 2 стрелковай бири-
          гээдэтигэр сулууспалаабыт.
              1943  сыл кулун тутар 24 күнүгэр сэриигэ ылбыт бааһырыытыттан
          өлбүт. Смоленскай уобалас Сухининскэй оройуонун Гусево дэриэбинэти-
          гэр көмүллүбүт.

                Пухова, М. П. Дьаарыҥтан сэрии үөһүгэр / М.П. Пухова // Забота-Арчы. — 2008. —
                Тохсунньу 17 к.












                                                                                    93
   90   91   92   93   94   95   96   97   98   99   100