Page 98 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 98

Курбуһахтар Аҕа дойду көмүскэлигэр




                  «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин»
               мэтээлинэн, элбэх үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн, махтал суруктарынан, бо-
               чуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыт.
                  Төрөппүт 5 оҕолоох, элбэх сиэннээх уонна хос сиэннэрдээх. Егор Ми­
               хайлович 1996 сыллаахха, 96 сааһыгар, ыалдьан өлбүт.


                    Иккис Курбуһах Сталин холкуоһа Кыайыы туһугар. — Дьокуускай, 2007, — С. 40-43.
                    Бахсылыырап, У. Сэрии ыар сыллара — хаһыҥ хаарыйбыт дьонноро / Уйбаан Бах-
                    сылыырап,— 2 кинигэ. — Дьокуускай, 2015. — С. 225-226.


                               КАРМАНИЛОВ ЛЕВ МИХАЙЛОВИЧ
                                               (1897-1943)

                  1897 сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр Балаҕаннаах Куулдьатыгар Ми­
               хаил Петрович, Агафья Алексеевна (Соломова) Карманиловтар дьиэ кэр-
               гэннэригэр төрөөбүт. Аҕата оҕонньору кыра эрдэҕинэ Тааттаттан атыыга
               ылбыттар. Хайа Карманиловтарга иитиллибитэ биллибэт. Дьиҥнээх арас-
               паанньата Богатырев диэн эбит.
                  Лев Михайлович сэрии иннинэ Сталин аатынан холкуос араас үлэтигэр
               үлэлээбит. Атынан оту үчүгэй оҕустарааччы буолан күҥҥэ 2,5 га сири оҕус-
               тарара үһү.
                  Горнай оройуонуттан Кириллина Аананы кэргэн ылан уол оҕоломмут-
               тар. Уоллара Алексей Львович кэнники Дьокуускайга олохсуйбут. Сааһын
               тухары Саха театрыгар суоппарынан үлэлээбит.
                  1942 сыл кулун тутар 19 күнүгэр Чурапчы оройуонун байыаннай комис-
               сариатынан ыҥырыллан сэриигэ барбыт.
                  1943 сыл тохсунньу 26 күнүгэр сэрии толоонугар охтубут. Курскай уоба-
               лас Б-Вершина дэриэбинэтигэр көмүс уҥуоҕа тутуллубут.

                    Иккис Курбуһах Сталин холкуоһа Кыайыы туһугар.— Дьокуускай, 2007.— С. 26.


                            КАРМАНИЛОВ МИХАИЛ МИХАЙЛОВИЧ
                                               (1919-1943)

                  1919  сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр Куулдьаҕа Михаил уонна Анна
               Карманиловтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт.
                  Чурапчы оройуонун байыаннай комиссариатынан ыҥырыллан сэриигэ
               барбыт, 153-с биригээдэҕэ рядовойунан сылдьыбыт.
               96
   93   94   95   96   97   98   99   100   101   102   103