Page 96 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 96
-J
Курбуһахтар дойду көмускэлигэр
КЫАИЫЫ!
ИВАНОВ СЕРГЕЙ ВАСИЛЬЕВИЧ
(1911-1942)
1911 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Дьаарыҥ
Сыырдааҕар Василий Васильевич, Алехандра Его
ровна Ивановтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт.
Сэриигэ барыар диэри «Күөдьүйбүт», «Комму
низм» холкуостарга үлэлээбит.
1941 сыл от ыйыгар Мэҥэ Хаҥалас оройуонун
байыаннай комиссариатынан ыҥырыллан барбыт.
340 стрелковай дивизия 140 стрелковай полкаты-
гар сэриилэспит. 1942 сыл от ыйын 30 күнүгэр 1107
№-дээх көһө сылдьар госпитальга бааһырыытыттан
өлбүт. Тамбов куоракка Вознесенскай кылабыыһа-
ҕа көмүллүбүт.
Сэриигэ барарыгар 3 саастаах кыыстаах эбит. Кыыһа Иванова Елизаве
та Сергеевна уоллаах кыыс оҕоломмут. Хорсун буойун олоҕун сиэннэрэ,
хос сиэннэрэ салгыыллар.
Пухова, М. П. Дьаарыҥтан сэрии үөһүгэр / М. П. Пухова // Забота-Арчы. — 2008. —
Тохсунньу 17 к.
КАРМАНИЛОВ АЛЕКСЕЙ МИХАЙЛОВИЧ
(1918-1944)
1918 сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр Куулдьаттан арҕаалыы-соҕуруу
диэки сытар Эстэриктээххэ Михаил, Анна Карманиловтар дьиэ кэргэннэ
ригэр төрөөбүт. Сэриигэ ынырыллыар диэри Сталин аатынан холкуоска
үлэлээбит.
1942 сыл от ыйын 26 күнүгэр Чурапчы оройуонун байыаннай комисса
риатынан ыҥырыллыбыт. Убайа Николайдыын бииргэ сэриигэ барбыттар.
1944 сыллаахха ахсынньыга Москва иһин кыргыһыыга өлбүт.
Уоттаах сэрии сылларыгар / Уус Алдан улууһун дьаһалтата,— Бороҕон, 1995,—
С. 16.
94

