Page 34 - Сахаайа Ермолаева Күөрэгэйим ыллаата
P. 34

Уус  тылларынан  биһирэтэр,
                    Оҕолорун дьоҥҥо  ииттэрэр
                   Улдьаа дьоннор  курдуктар.

                    Сириллэртэн  —  үчүгэйин,
                   Арбыыртан  —  итэҕэһин
                   Тоҕо  кырдьыгынан  эппэппит?

                26  Сандал  сааһы  саҕалыыр,
                  Сандаара  сырдаан  чурулуур
                  Эриэккэс  үрүҥ туллуктар
                  Элэккэй дьону санаталлар.

                  Кинилэрдии  иэйиинэн  тырыбынайан
                  Лирическэй  хоһоон  өйгө киирэр.

                27  "Олох  —  мунурун  булларбат
                  Муора",  —  дииллэр  дьоннор.

                  Итини  истэ-истэбин,
                  Испэр  аа-дьуо  мөккүһэбин:
                  "Аны  акыйааны да тургутар  —
                  Аппарааттар,  прибордар  айылыннылар".
                  Ол аата —  олох  муоратааҕар
                  Дириҥ  эбит  буоллаҕа.

                28  "Үлүннэрэн  хайгыыртан
                  Үрүллүбүт хабахтыы,
                  Үллэн-үллэн  бараҥнын
                  Хайа  барыаҥ!'  — дэһэллэр.

                  "Хараардан  сирэртэн
                   Харбыйбыт хаамыра
                   Ханыыта  буолаҥҥын,
                   Хараастыаҥ!"  — дэһэллэр.
                   "Билигин  ыксаама:
                   Биэринэй  сыанаһыт  —
                   Бириэмэ!"  — дэһэллэр.

                                        32
   29   30   31   32   33   34   35   36   37   38   39