Page 29 - Портнягин. Муру алаас барыбыт биьигэ
P. 29
Ill I
Illi 1111
.............лиэгин, оттон Мүрү Эбэ диэки олохсуйбут аҕа ууһун ыаллара -
Күөгэлэптэр, Ноҕуруодаптар, Бөчөкөөнөптөр Лөгөй нэһилиэгэр
тэриллибит холкуостарга холбоспуттара. Ити курдук уруккута
Сыҥаах нэһилиэгин Дьараама уонна Элэһин олохтоохторо урук-шЕ
кута иккис Суотту нэһилиэгэр холбоһоннор, былыргы уустарын
аатын үйэтитэн Бороҕон диэн нэһилиэги тэриммиттэр.
Учууталбыт кырдьаҕас журналист Николай Данилович Бур
цев суруйан хаалларбытынан, Хоро нэһилиэгин хоту эҥэринэн
олохсуйбут Атласовтар, Петуховтар, Дегтяревтар, Саабыласкай-
дар үгүстэрэ «Кыһыл Күүс» холкуоска киирэннэр, Лөгөй нэһи-
лиэгин тэринэннэр, Хоро нэһилиэгэр олохсуйа хаалбыттар. От-
1111 'тон илин Моххо үрэҕин олохтоохторо Хобуруоптар аҕа уустарын
сорох ыаллара чугастыы аймахтарыгар Курбуһах нэһилиэгин
«Нүөкүнү» холкуоска киирэллэр, аҕыйах ыал «Кыһыл Агроном»
холкуоска хааланнар, билигин да Хоро нэһилиэгэр олороллор.
1950-1955 сыллартан улуус киинэ Бороҕон бөһүөлэгэ кэ-
m ■■■■ ҥээн, тэрилтэтэ элбээн, нэһилиэнньэ ахсаана күн-түүн хаҥаан,
туспа дьаһалта наада буолар. Ол иһин улуус дьаһалтата 1959
сылтан Мүрү диэн туспа дьаһалталаах нэһилиэги тэрийбитэ.
Нэһилиэнньэлээх пууннара - Бороҕон, Мындааба, Томтор бө-
һүөлэктэрэ. Ити бириэмэҕэ нэһилиэнньэтин ахсаана 6277 киһи.
Нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо 13 киһи эбит.
Саҥа тэриллибит Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын сүрүн тэ-
рээһин үлэлэринэн бүтүн оройуону хааччыйан-тэрийэн олорор
бары бөдөҥ тэрилтэлэри олорор-үлэлиир хаһаайыстыбаннай
боппуруостарын быһаарыы буолбута. Ону сэргэ хас эмэ тыһыын-
||н ~чанан нэһилиэнньэлээх Бороҕон уонна Мындааба бөһүөлэктэ-
ITQUOU UC1 ПТЛ nTIQUULO n'T'TV 1Z ГЛТЛ ГЛ Т? гл ГТ ТТГЛГТГТО КЛт-ITJ ГТ-л'Л ПЛ ПИ ПАГО naL'T’Cl-
рин социальнай, эргиэн, культурнай-спортивнай маассабай үлэ-
лэрин быһаарсыыга быһаччы кыттар эбээһинэстэммитэ. Мүрү
нэһилиэгэ тэриллиэҕиттэн оройуоммут киин бөһүөлэгэ Бороҕон,
биһиги, сааһырбыт дьон, көрүүбүтүгэр лаппа тубуста.
))

