Page 34 - Портнягин. Муру алаас барыбыт биьигэ
P. 34

Ill  I
                  1/
              ГЧЛл ҮРҮ алаас _ барыбыт биһикпит



                             ГРАЖДАНСКАЙ СЭРИИ

                        УУС АЛДАҤҤА САБЫДЫАЛА

                    Чурапчыга 1921 сыл муус устар 1-17 күннэригэр ыытыл-
              лыбыт уон улуус ревкомнарын уонна дьадаҥыларын кэмпи-
              риэнсийэтин кэнниттэн биһиги эргин - Бороҕон, Байаҕантай,
           ДүПДүисүн улуустарыгар - дойду үрдүнэн тэнийэн бара турар Граж-LZ1111
              данскай сэрии сабыдыала, дьэ, биллэн барбыт. Бу мунньах кэн-
              ниттэн тута Бороҕон улууһугар волревком бэрэссэдээтэлинэн
              Чурапчыттан Петр Гаврильевич Кривошапкин ананан кэлбит.
            ""Кини саас ыам ыйыгар бастакы хомсомуол ячейкатын тэрий-— 1111
              бит, сэкирэтээринэн Мигалкин Николай Дмитриевич быыбар-
              даммыт. Салгыы от ыйыгар Бороҕон улууһун хомуньуустарын
              мунньан, партийнай ячейканы (партбюро) тэрийбит, сэкирэтээ­
              ринэн бэйэтин талбыттар. Бу кэмҥэ Саха сиригэр былааһы ким
          ■■■I ылара биллибэтэ, балаһыанньа олус ыарахан этэ. Өрө турааччы- ■■■■      ■■■
              лар күүстэрин хоту улуустарга түмпүттэрэ. Миэстэҕэ партийнай
              буспут-хаппыт каадырдар тиийбэттэрэ. Петр Гаврильевич Кри-
              вошапкины, биэс ый буолаат, Саха сирин салалтата Эдьигээҥҥэ
              волревком бэрэссэдээтэлинэн ыыппыта.
                    Үөһээ ахтыллан ааспыт Чурапчытааҕы кэмпириэнсийэ i
              биир бастакы дьаһалынан миэстэҕэ баар баайдары «кулаактар,
              күөх көппөлөр» диэн хос аат иҥэртээн туран хаайталааһын буол-
              бут. Биһиги эргинтэн 18 сэниэ, орто баай дьону куоракка кил-
              лэртээн, хаайталаабыт сурахтара алаас ахсын тарҕаммыт. Ол кур-
              дук, Иван Аржаков I (Суотту нэһилиэгэ), Иван Аржаков II (Торуой
              Ардьакыап), Иван Аржаков III, Федот Алексеев (Сыҥаах нэһилиэ-
              гэ), Петр Бурцев (Бэрт Ууһа, Чирэпчи), Егор Бурцев (Бэрт Ууһа,
              Чирэпчи), Гаврил Колодезников (Бэрт Ууһа, Кыыс Хаҥа), Николай
              Говоров (2-с Өлтөх нэһилиэгэ), Иван Галактионов (Лөгөй нэһи-
              I V"* т"> v-v т"> I /  Z-*  / ■ ттт/лх’ т үгл ү X ггт г-~х тхгл I I Л х~х п үг I ' тт т т I т т г~~\ т"> I J I тх/л т х үүхл lx ү г
              лиэгэ), Егор Арсентьев (Бээрийэ, Байаҕантай), Петр Жирков (Өл-
              төх нэһилиэгэ), Павел Колодезников (Өлтөх нэһилиэгэ), Семен
              Крылов (Хоро нэһилиэгэ), Емельян Пухов (Курбуһах нэһилиэгэ),
              Тихон Хордуон (Лөгөй нэһилиэгэ) куоракка тутуллан киирэн ба­
              ран, сотору кэминэн сорохторо дойдуларыгар утаарыллыбыттар.
                    Ити 1921 сыл күһүнүгэр Дьокуускайтан байыаннай комис­
              сариата үлэлэһэ сылдьыбыт, уруккута үрүҥ эписиэрдэр Ко-

                                                                                 7 пи '
   29   30   31   32   33   34   35   36   37   38   39