Page 33 - Портнягин. Муру алаас барыбыт биьигэ
P. 33

Ill                                                                             I

 —

   Illi Illi                                                           it Illi III
        та. Кинилэр Мэҥнээх Бэкичэл диэн уолларыттан Мэҥэ улууһун
        төрүтэ үөскээбит диэн этиллэр. Өссө Эллэй Боотур барыта биэс
        уоллаах диэн чуолкай ыйыллар. Дьиҥэр, Омоҕой баай диэн, ус-
        туоруйаҕа ахтылларынан, Тыгынтан быдан эрдэтээҕи аҕа саас-
        таах киһи буолбатах дуо? Оччоҕуна да Лөгөй Тойон Эллэй сиэ-
        нэ буолара өйдөммөт. Ол кинигэҕэ Мэҥэ улууһугар оччоттон
        18 нэһилиэктээҕэ этиллэр, оттон Бороҕон, Дүпсүн улуустары-
        гар 21-22 нэһилиэк баар. Кинилэргэ хас эмэ сүүһүнэн ааҕыл-
        лар аймахтыы буолбатах дьон аҕа-ийэ уустарынан тэнийэн
        күн бүгүнүгэр диэри олордохторо дии. Кырдьык, хас биирдии
        нэһилиэк дьоно төрүттэригэр ытыктыыр, мэлдьи түмсүүлэри-
   1111  'гэр ахтан-санаан ааһар, киэн туттар киһилээх буолаллар. Мин
        Уус Алдан оройуонун бары нэһилиэктэригэр сылдьыбыт кыр-
        дьаҕаспын да, биир да киһи «биһиги төрүппүт Эллэй» диэбитин
        истэ иликпин. Бары кэриэтэ төрүт уус дьонноох, сирдээх-уот-
        таах буолааччылар.
     ■ I» Түмүктээн санаабын быһаардахпына, «тыала суохха мас
        хамсаабат», баҕар ол кыргыс үйэтигэр соҕотох буолбатах, хас
        эмэ уонунан Эллэйдэр (Элюйдэр) кэлэн барбыттара буолуо. Туох
   ..........билиэй? Ол эрээри сахалыы да, нууччалыы да билбэт киһи соҕо-
        тоҕун бу үлүгэрдээх чысхаан, эһэ-бөрө дойдутугар кэлээт ыһыах
        ыһан, оһуохай этэн чоргуйбатаҕа буолуо. Ол баҕас сахалар бэйэ-
        бит ул/с тылбыт сллҕяяһыня уонна туоүүя бяпытыгяп яҺяпя 6яПЯП
        бит уус тылбыт салҕааһына уонна туохха барытыгар аһара барар
        адьынаппыт буолуо. Дьиҥэр, сахалары саха оҥорбут, булка-аска
        үөрэппит бэйэбит булкуһа үөскээбит тоҥустарбытын, эбээннэр-
        битин өрө тутуохха баар этэ.
              1996 сыллаахха саха сирэйдээх барыта ытыктыыр сүдү
                                                                            II
        киһибит Суорун Омоллоон Дүпсүҥҥэ тахса сылдьан: «Бороҕон
        дьоно, Лөгөй Тойон курдук ырааҕы өтө көрөр, Сэһэн Ардьакыап
 ^^(|купдук бөлөһүөк, Баһылай Никифоров-Күлүмнүүр курдук саха
        бастакы биллиилээх интеллигент дьоннооххутунан киэн тут-
        туҥ», - диэн улаханнык долгуйан туран этэн турардаах. Кыр-
 Мьыга да, бастаан бэйэбит үтүө дьоммутунан былаах оҥостон
         [ччаппытыгар тиэрдэ сатыырбыт ордук буолуохтаах.

   1111 181!
                          Гаврил ПОРТНЯГИН, 85 саастаах пенсионер.
                                                   2024 сыл, кыһын оройо.
                                                     Бэрт Ууһа, СыырДаах
   28   29   30   31   32   33   34   35   36   37   38