Page 37 - Портнягин. Муру алаас барыбыт биьигэ
P. 37

III                                                                             I

 —

   Illi Illi                                                           il Illi III
        гас эргин нэһилиэктэртэн ат-көлө көрөөччүлэрдиин, баайдар-
        тан ас-үөл таһааччылардыын, от-мас булар хара үлэһиттэрдиин
        - барыта 37 киһини муспута биллэр. Кинилэр истэригэр баай-
        дартан Лэгэнтэй Охлопков, Баһылай Местников диэн дьон сүбэ-
        ама буолан сылдьыбыттар. Ону кытта баай төрүттээх Афанасий
        Иннокентьевич Говоров уонна Иван Федорович Афанасьев диэн
        учуутал дьон бандьыыт Сэмэнэпкэ эмиэ күүс-көмө буолбуттара
        диэн ахтыллар. Оттон Сэмэнэп хамандыырга солбуйааччы буо-
        ла сылдьыбыт Дегтярев Василий Петрович 1918-1920 сылларга
        Сэбиэскэй былааһы олохтоспут киһи үрүҥнэргэ холбоһон сыл-
        дьыбытын иһин, 1931-1943 сылларга үлэ лааҕырыгар Эһэ Хайа-
        ҕа тиийэ сылдьан баран, дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.






                          АХТЫЫ СУРУКТАРТАН
       Cr
              1.  Иванов Николай Иннокентьевич, Бэрт Ууһун нэһи-
        лиэгин ревкомун бэрэссэдээтэлэ:
              - 1922 сыллаахха тохсунньуга Киэҥ Алаас диэн сиргэ олор-
        дохпуна, түүн үөһэ миигин аттаах бандьыыттар кэлэн тутан, ыс-
        тааптарыгар Томторго киллэрдилэр. Тоҥон-хатан тиийээппин
        кытта сылгы тыһа этэрбэспин, ыт соммун, үтүлүктэрбин устан
        ыллылар. Бэйэбин оскуола дьиэ саамай түгэх тымныы хоһугар
        илдьэн, хаайан кэбистилэр. Ол хаайыы оҥорбут хосторугар би-
        лэр дьоммуттан кыһыл бартыһаан Кымахы кэргэнэ Өлөөнө уон-
        ча саастаах уолунуун, Лыткин Охонооһой диэн Өспөх оҕонньоро
        уонна Илья Находкин, Дьэким Стрекаловскай диэн икки эдэр
        дьон хаайыллан сыталлара. Өссө, соһуйуом иһин, биир дойду-
        лааҕым Байбал Портнягин 16 саастаах уолун «хайа эрэ баай ыал
        сүөһүтүн уоран сиэбит дьону билэр эрээри эппэт, бэйэтэ кытты-
        гастаах буолуо» диэннэр хаайа сытыараллар этэ. Ол түүн эбии
        дьону тутан аҕалан, атын хоско хаайталаабыттара. Тойонноро
        Сэмэнэп диэн нуучча киһитэ диэн кэпсээбиттэрэ.
              Икки-үс хоноот, кыһыл бартыһаан Кымахы Алексеев кэр-
        гэнин Өлөөнөнү, Лыткин оҕонньору, 16 саастаах Байбал уолун
        уонна биир Суоттуттан тутан аҕалбыт «үспүйүөн үһү» диир
   Illi


                                                                            ))
   32   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42