Page 174 - Майаҕатта Бэрт Хара
P. 174

.«.нуАДцШ « шшшшпнптм
                                                                                                 -
            Майаҕатта Бэрт Хара: Ээ, кэбис, эн атыы-кутуу тохтуурун көһүтэн, эппит тылбытын то-  [
        лорон, Быйаҥ Төҥүлгү баайын туһааннаах сиригэр арыаллыах тустааххын!  Чэ, Дьуорту, бар-
        дыбыт!
            Мадьылы Төрөнөх: Этэҥҥэ! Суолгут сындыыс буоллун!

                                    (Майаҕатта баран иһэн эргиллэр)


            Майаҕатта  Бэрт  Хара:  Сөбүлэҥмитин  быһа  гыммакка,  кэриэспитин  этиниэххэ!  Сыл
        аайы күөн көрсөн, күрэхтэһэн, оонньоон ааһар буолуоххайыҥ!
            Лэкэр Баатыр: Чэйиҥ, чахчы даҕаны, андаҕар бэриниэх!

                           (Сарын-сарыкка куустуһан төбөлөрүн хонкотоллор)
    Ф
            Майаҕатта Бэрт Хара: Бу ытык мааны сир ким диэн ааттааҕа буоллар?
            Мадьылы Төрөнөх: Билбэтим, бары бу эҥэрдэр халдьаайынан билэбит.
            Майаҕатта Бэрт Хара: Чэ оччотугар Аллар уулаах Аллан өрүс сүнньүнэн батан олорор
        бөҕөстөр күөн-көрсөн, кэриэс этинэн хаалларбыт халдьаайылара — Кэриэс-Халдьаайы диэн
        ааттаннын. Мадьылы Төрөнөх, эн кэпсиэҥ, сонун-сурах гына тарҕатыаҥ диэн эрэнэбин.

                                                 (Быыс)
   ;
                                              10 КӨСТҮҮ
  "1

   -
  ::              (Майаҕатта Дъабаҕанныын сүүрэн ааһаллар,  өр айанныыллара көстөр,
           Майаҕатта биирдэ инитин көтөҕөн иһэр буолар,  биирдэ сүктэрэн иһэр буолар. Быыс.
                       Хардаҕастай Бэргэннээх айаннаан иһэллэр,  киирэн кэлэллэр)

            Хардаҕастай Бэргэн: Суолбут ортотугар кэллибит. Ол, алааһы туораатыбыт эрэ Өлүөнэ
        өрүспүт кытылын булуо этибит.
            Боотуртан биирдэстэрэ: Син биир ыраах эбит. Сынньана түспэппит дуо?
            Хардаҕастай Бэргэн: Сүрэҕим тугу эрэ сэрэйэр, ыксыыр, өрө мөхсөр. Түргэнник тиий-
        дэрбит ханнык.

                                 (Майаҕатта инитинээн ойон киирэллэр)
                                                                                                           -■<  ■■'
            Майаҕатта Бэрт Хара: Нохолоор, болҕойуҥ! Иирсээни тардыбыт ир суолгутун ирдээн,
        уоран-талаан барбыт тоҥ суолгутун тордоон, дьон хара көлөһүнүн тохпут,  ииппит-аһаппыт
        баайын-дуолун  төнүннэрэ  —  Майаҕатта  кэлэн  турабын!  Алҕас  быһыыланныбыт  диэн  би-           „тптпг
        линнэргит эрэ — аһыныам, сыыһа тутуннубут диэн ааттастаргыт эрэ — аһарыам. Бары тэҥ
        үллэххэ олоробут, былдьаспат-айдаарсыбат баҕайыта!  Кэлбит сиргит диэки айанната туруҥ,
        биһиги ити кыылы-сүөлү төттөрү илдьиэхпит.
            Хардаҕастай Бэргэн: Алаас аайы албан ааттаммыт, сыһыы аайы суон сурахтаммыт, ба-
        лаҕан аайы уостан түспэккэ кэпсэнэр Майаҕатта Бэрт Хара илэ бэйэҕинэн кэлэн турар эбик-
        кин буолбаат! Мин эйигин күрээбит диибин ээ, суолгун-иискин сонордоон көрбүтүм даҕаны,
        ытыс соттон, киҥим-наарым холлон испитэ.
            Майаҕатта Бэрт Хара: Кимтэн истибиккин, тугу кэпсииллэрин миэхэ эппэтэхтэрэ. Су-
        рах-садьык тарҕанарын тухары, этэрбэс уллуҥа ыраахтан балаҕан буруолуу турарын курдук
        көстөр диэччилэр.
            Хардаҕастай  Бэргэн:  Оттон, доо,  бу үлүгэр боотурдары утары  көрөн тураҥҥын, киһи
        эрэ буолларгыт аһыныам дни тураҕын буолбат дуо? Ханнык харса суох киһи ситигирдик тыл-
        лаһар үһүө!
            Майаҕатта  Бэрт Хара:  Эһиги сыыһа быһыыламмыккыт сэттээх-сэмэлээх буолуо диэн
        эппитим. Туох барыта иэстэбиллээх буолар диэни истибэтэххит дуо?
            Хардаҕастай Бэргэн: Чэ, оччотугар, сэттээх-сэмэлээх диир буолларгын, кылыс кылыска




                                                                             .£?-У *»**»» ■"•--«чти
                                                                                                 . иптшии
   169   170   171   172   173   174   175   176   177   178   179