Page 91 - Мындааба спортсменнара
P. 91
Ийэлээх-аҕабыт, Мария,
Прокопий Ефимовтар, «Сель
хозтехника» тэрилтэтигэр
үтүө суобастаахтык үлэлээ-
биттэрэ. Төрөппүттэрбит
элэккэй майгылаах, сытыа-
ры-сымнаҕас сыһыаннаах,
мэлдьи үөрэ-көтө сылдьар
дьон этилэр. Оҕону кытта
оҕо буолан, биһигини кытта
тэҥҥэ оонньууллара. Ордук
кыһыҥҥы кэмнэ дьиэҕэ сасыһа оонньоон, икки хамаандаҕа арахсан,
үөрүү-көтүү бөҕө буоларбыт.
Ийэбит Мария Романовна Байаҕантай нэһилиэгиттэн төрүттээх,
ийэтэ-аҕата эрдэ өлөннөр, Аржаков Роман диэн киһиэхэ иитилли-
битэ. Аны ол ииппит аҕата сымыйа балыырга түбэһэн хаайыллан, он-
тон эргиллибэтэх. Онтон ыла ыарахан сыллар саҕаланаллар, ыалтан
ыалга оҕо көрөөччүнэн, иистэнэн, колхозка үлэлээн, 1959 с. аҕабыты-
гар Ефимов Прокопийга кэргэн тахсан 9 оҕолоох дьиэ кэргэн буолал-
лар.
Аҕабыт Прокопий Хаҥалас улууһун Хачыкаатыттан төрүттээх,
икки игирэ уол оҕолордоох огдообо киһи Мындаабаҕа олохсуйа
кэлбит. Ол саҕана ийэбит икки кыыс оҕолордоох эбит. Икки өттүттэн

