Page 70 - Өрүкүйэр сүрэҕэ өрүү инники. (Голиков Николай Леонидовичка ананар)
P. 70

Кыра уолбут Аликчаан  арыт сэмэлээн, арыт хайҕаан  илдьэ сылдьар эта. Коля биһиэхэ  кэллэҕинэ:
           «Эдьиий Аалыка, мин хоно кэллим», - диэн элбэхтик хоноро. Ол кэллэҕинэ, дьэ, убайын кытта турник-
           ка дьарыктанан, күннэрин  барыыллара. Аны  аһылыкпытыгар  буоллаҕына: «Коля, харса  суох хабыа-
           лаан  ис, оччоҕо аска тиксиэҥ», - диэн убайдара  кулсээччилэр. Убайдарын  кытта  мэниктээн  курэхтэ-
           һэллэрин көрөн, кыахтааҕын, сымсатын бэлиэтии көрөр этибит.
              Улахан  кылааска  сылдьан,  күрэхтэһиилэргэ  ситиһиилээх  кэллэҕинэ,  хайаан  да  кэлэн,  кэпсээн
           үөрүүтүн  үллэстэрэ. Аликчааны  кытта  сайын  чугас  нэһилиэктэр  ыһыахтарыгар  кыттан,  бириистээх
           миэстэҕэ тиксэн, үөрэн-көтөн кэлэллэрэ. Онно биһиги эмиэ тэҥҥэ үөрсэн, бэйэбит эмиэ кыайбыт кур-
           дук сананар этибит. Коля «мин хайаан да байыаннай буолуохтаахпын» диэн эрдэттэн этэр буолара. Ол
           баҕа санаатын толороору, оскуоланы бүтэрээт, аармыйаҕа сулууспалыы барар. Онтон аны байыаннай
           чааһыгар  үлэлии  хаалар. Дьиҥэр, Коля  олоххо туруоруммут соругун дьулуурдаахтык, санаатын  хоту
           толорон испитэ... Бу иннэ-кэннэ биллибэт, өйдөммөт анал байыаннай дьайыы барыбытын аймыа диэн
           ким билиэ баарай?!!.

                                                           Алла Николаевна, Альберт Сидорович Сивцевтэр. ыаллара
                                                                                                   2023 с.


                             СУЛУС КУРДУК КҮЛҮМНЭЭН ААСТАҔЫҤ...


                                                  • ---------4* —  4*  —  4* ----------•
                                              Икки  сайын  Лүөҥкэлиин  от
                                           звенотугар  бииргэ  үлэлээбип-
                                           пит,  онно  уола  Коля  хастыы
                                           эмэ  хонук  кэлэн,  сэргэхситэн
                                           барааччы.  Оҕобут  бардаҕына,
                                           алаас  иһэ  чуҥкуйбут  курдук
                                           буолара.  5-6  саастаах  оҕо, дьэ,
                                           сылайбата-элэйбэтэ  бэрт  этэ.
                                           Хара   сарсыардаттан  улахан
                                           дьону кытта турар кэмҥэ туран,
                                           утуйар  кэмҥэ утуйан. «Оҕолору
                                           циркаҕа үөрэтээри, Кытайга хо-
                                           муйаллар үһү. Колигы онно ыы-
                                           тыахха», - дэһэрбит. Олох  күнү
                                           быһа  от кэбиһэр, КУН тииһигэр
                                           ыйана  сылдьар.  Биирдэ  көр-
           дөххө  -  от  үрдүгэр,  биирдэ  көрдөххө,  аллара  сылдьар  буолара.
           Атаҕар лаппа кыахтаах оҕото биллэрэ.
   65   66   67   68   69   70   71   72   73   74   75