Page 6 - Ахтар ытык иэстээхпит
P. 6
САҺЫЛ МИИТЭРЭЙ ОЛОҔУТТАН АХТЫЫЛАР
ХОРО НЭҺИЛИЭГИН БЫЛЫРГЫТА
Саха сиригэр нэһилиэк диэн тул (тиэрмин) XVII үйэ
ортотуттан 1750-1760 сыллардаахтан ыла туттуллар буолбута. Ол
эрэн, Саха сирэ киэҥ-нэлэмэн буолан, сахалартан дьаһааҕы
хомуйуу тэрээһинэ уһун сыллар усталарыгар барбыта. Улуустары,
нэһилиэктэри тэрийии дьаһааҕы (ис түһээн, нолуок) хомуйууну
кытта быһаччы сибээстээх. Улуустары бастаан тэрийиигэ
"улаҕалаах" өйдөөх улахан баайдар уонна халыҥ аймахтаах аҕа
уустар ортолоругар сири үллэриигэ элбэх ыарахаттар бааллара.
Ордук сир үөрэхтээхтэрэ (землеустроительство снециалистара)
суохтарынан быалаах кинигэни (граница) олохтооһуҥҥа элбэх
бириэмэ наада этэ. К эм ниэ-кэлин 1812 сыллаахха 12
нэһилиэктээх "Бороҕон" улууһа тэриллибитэ. Ол иһигэр үс
улахан аҕа уустаах - Хоро аҕатын ууһа, бырдьа аҕатын ууһа уонна
Торбос аҕатын ууһа бары холбоһон Хоро нэһилиэгэ аатыран
"Бороҕон" улууһугар холбоспуттара.
Хоро нэһилиэгин түҥ былыргы номохторуттан манныктары
ахтыахха сөп:
1. Тыгын уонна Лөгөн Тойон үйэлэрин саҕана, ол эбэтэр
1620-1650 сыллар диэки Дьоллоох туонаайы Эбэ Хотунҥа (Мүрү
былыргы аата) Тарбыах баай диэн Эллэй Боотур хос сиэнэ байан-
тайан олоро сылдьыбыта. Тарбыах баай Лөгөй Тойон саамай
кыра бииргэ төрөөбүт быраата.
2. Былыргы номох сэһэннэргэ этиллэринэн - илинтэн Амма,
Таатта улуустарын сирдэринэн тоҕус уоллаах Улуу Хоро диэн
улахан баай киһи Мүрү эбэҕэ кэлэн олохсуйа сыддьыбыт. Ол
киэҥ -кэтит аймахтартан сорохторо Мүрүгэ олохсуйан
хаалбыттар. Үгүстэрэ Намынан, Кэбээйинэн,Бүлүүнэн,
Халыманан тарҕаммыттар.
Хоро аҕатын ууһун кытта Тарбыах баай дьоно холбоһоннор
Чомчоҕойунан, Ааныйанан, Лухааскы булуҥнарынан олохсуйан
Хоро сирин арҕаа өртүн баһылаан олороллор. Бу - Хоро аҕатын
ууһун кытта Хатырык Быһый, Хатыҥ Сыһыы уонна ол
таһынааҕы соҕуруу алаастар олохтоохторо Торбос аҕагын уустара
холбоһоллор. Онон мин суруйуохтаах аҕа табаарыһым Дмитрий
Иванович Стручков өбүгэлэрэ олоро сылдьыбыг сирдэринэн -
Торбос аҕатын ууһуттан төрүттээх буолуохтаах.
Олох кэлин - 1924 сыллаахха Хоролорго Сыҥаах
нэһилиэгиттэн 18 ыал - сүнньүнэн Бэс Крыловтар холбоһоллор
- Киэҥ Алаас, Лаҥхаарыйалар эргин олохтоох дьон. Онон Хоро
нэһилиэгэ алаас - үрэх эҥэрдээх сирэ-уота киэҥ. Илин өртө
Халдьаайы сис мыраан тыатыгар тиийэ ылаллар. Соҕуруу өртө-
куула бырдьалар Майаҕастан Буочара үрүйэтинэн Нэлим үрэх
Курбуһах, Бэрт Ууһун ыпсыыларыгар тиийэр.
Хоро нэһилиэгэр улахан олоҥхоһуттар, уустар, ат бөҕө, кус
быһый дьон үөскээн ааспыт сирдэрэ.

