Page 15 - Өлбөт сүппэт Өспөҕүм дьоно 1995
P. 15

1944    сыллаахха  саас  доруобуйата  мөлтөөн,  дойдутугар  эргиллэн  кэл-
         битэ  уонна  ферма  сэбиэдиссэйинэн  үлэлээбитэ.
            1948-50  сс.  “Чагдаайы”  колхозка  председателлээбитэ.  1950-57  сс.  Өспөх
         бөдөҥсүйбүт  колхоһугар  И.Т.Ф.-гар  сэбиэдиссэйдээбитэ.  1957  сылтан
         Найахыны  кытта  холбоһон,  өссө  бөдөҥсүйбүт  колхозка  5  биригээдэ  бири-
         гэдииринэн,  1960-64  сс.  Баатаҕай  биригээдэтин  биригэдьииринэн,  онтон
         кэлин,  1970  сылга  диэри,  табаарыпай  ферматын  сэбиэдиссэйинэн  үлэлэ-
         эбитэ.  Наҕараадалара:  “1941-45  сс.  Аҕа  дойду  сэриитигэр  килбиэниээх
         үлэтин  иһин”,  Кыайыы  30  сылын,  уонна  да  атын  юбилейнай  медаллар.
            Оҕолоро  совхоз  бастыҥ  үлэһигтэрэ,  элбэх  сиэннэрдээх.  1986  с.  дойду-
         тугар  ыалдьан  өлбүтэ.

                         КОПЫРИН  ИВАН  ДМИТРИЕВИЧ

            1925  с.  Өспөх  нэһилиэгэр  дьаданы  кэргэҥҥэ
         төрөөбүтэ.  Начаалынай  оскуоланы  бүтэрбитэ.  “Үүнэр
         күүс”  колхозка  членинэн  киирэн,  үлэлии-хамныы  сылдь-
         ан,  1943  сыл  ог  ыйын  2  күнүгэр  армияҕа  ыҥырыллан
         барбыта.
            1944    с.  дойдутугар  эргиллэн  кэлэн,  ол  сайын  кол-
         хоһугар оттоспута.  Ол  сырыттаҕына  нэһилиэк маҕаһыы-
         ныгар  атыылааччынан  үлэлэтээри  ыҥыртаран  ылбыт-
         тара.  Ыалдьан  уурайыар  диэри  атыылааччылаабыта.
         1949  с.  өлбүтэ.

                      ГОГОЛЕВ  АФАНАСИЙ  МАРКОВИЧ

            1925  с.  И-Өспөх  нэһилиэгэр  Чаарыаска  дьадаҥы
         кэргэҥҥэ төрөобүтэ. Өспөх  начальнай оскуолатын бүтэр-
         битэ.  Оҕо  эрдэҕиттэн  музыкальнай  дьоҕурдаах,
         үҥкүүһүг  буолара.
            Оҕолору,  пионедары  кыт-га  үлэлиирин  сөбүлүүр
         буолан,  пионерскай  үлэһит  буолбута.
            Суотту  иэһилиэгэр  үлэлии  сылдьан,  1943  с.  от
          ыйын  2  күнүгэр  армияҕа  ыҥырыллыбыта.
            Кэлин  Покровскай  бөһүөлэгэр  олохсуйбута.  Пок-
          ровскайга  ыалдьан  өлбүтэ.

                                             ЛУКИН  ГАВРИЛ  ИВАНОВИЧ

             1920  с.  12  оҕолоох  дьадаҥы  кэргэҥҥэ  төрөөбүгэ,  онон  оскуолаҕа
          үөрэммэккэ  хаалбыта.  Аҕата  Уус  Уйбаанчык  диэн  улахан  дъоҕурдаах
          киһи  буолан, ону  батыһа сылдьан,  кыратыттан дьоҕурдаах буола улааипыт.
             Гаврил  уҥуоҕунан  төһө  да  кыратын  иһин,  көрүҥүттэн  гаһыйа  үлэһит
          этэ.  Оту  да  охсон  тэлэкэлээтэҕинэ  астыннарар  буолара.
   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20