Page 189 - Неизвестное название
P. 189
елтеххе кыайыылаахтар эрэллэрэ, утумнааччылара
Марфа Васильевна 2005 сыллаахха, саайынан, судаарыстыба тэрилтэтигэр улэлиир саайа
туолбутунан, биэнсийэтигэр тахсыбыта. Бочуотаах сынньаланар барарыгар улэлиир тэрилтэтэ кини
37 сыллаах сыралаах улэтин сыаналаан, анаан-минээн чаэстээн-бочуоттаан, бэлиэтээн атаарбыта.
Онон надараада, бираэмайэ-бэлэх чаайынан миигин тайыччы хаалларбыта ыраатта. Урдуку
тэрилтэтиттэн Герман Греф эрэ илии баттаайыннаах анал бэлиэлэрдээх, Бечуетунай грамоталаах,
кини улэтэ Се Правительствотын Бечуетунай грамотатынан, махтал суругунан, Вице-Президент
махтал суругунан эмиэ бэлиэтэммитэ.
Биэнсийэтигэр тахсан баран, уйэ анаара бииргэ олорбут олодум аргыйа ессе эбии тыыллан-
хабыллан турда диэм этэ. Урут даданы уопсай улэттэн-хамнастан туора турбат бэйэтэ суурбэ сыл
улэлээбит Госпланын (билинни Экономика министиэристибэтин) бэтэрээннэрин, онно эбии Тыа
хайаайыстыбатын министиэристибэтин бэтэрээннэрин Сэбиэтин уопсастыбаннай олодор, араас
тэрээйиннэригэр кеде-нэмэ биллэрдик кууйурдэ, туома кинитэ суох биир да улахан тэрээйин барбат
буолла. Араайа, ийэтин хааныттан (гиэниттэн) бэриллибит сэдэх, биир да мунуутэ дьарыга, улэтэ суох
олорбот майгытынан, бокуой булла даданы, быысыбайдаан тахсар идэлээх. Барыта алта уонча араас
хартыыналары онорон тайаарда, онтуларын иккитэ хаста быыстапкада кердерде, чугас аймахтарынан,
билэр дьонунан бэлэх быйыытынан тардатта.
Аны туран кэлин (бадар, онно мин эмиэ ханнык эмэ оруоллаадым эбитэ буолуо) суруйар, айар улэдэ
арахсыбаттык ылларда, бу кэнники уон сыл ийигэр биэс-алта кинигэни суруйан, кун сирин кердерде.
Аан бастакы кинигэтэ «елтех холкуостаахтара» диэн ааттанан, 2011 сыллаахха бэчээттэммитэ. Ол
кинигэтин Уус-Алдан улууйун елтех нэйилиэгин устуоруйатын сырдатар бастакы кинигэлэргэ
биллэр-кестер, ааттаах-суоллаах эрэ дьон киллэраллибаттэраттэн, оттон кыра-хара, боростуой хара
улэйит холкуостаахтар умнууга хаалбыттарыттан кыйыйан-абаран, араас архыып докумуоннарын
бэрийэн-хасыйан, угус улэни, сыраны керсен туран суруйбута. Онтон кэлинни кинигэлэрин: «Сэйэн
Кээчир сиэннэрэ» (2012 с.) диэн ада ууйун дьонун-теруччулээх кинигэтин саха суруйааччыта
Иван Афанасьевич Охлепкев—Туймалыырабы кытта тайаардылар. Дьининэн, найаа дьулуйан,
элбэх сыратын, бириэмэтин биэрэн улэлээбит элбэх хос ааптардаах кинигэтинэн «От Госплана
до Минэкономики» (2015 с.) диэн 20 сыл улэлээбит Госплан тэрилтэтин улэйиттэрин туйунан
кинигэни ааттыахха собе эбитэ буолуо. «Одо сааспыт сайылыгар» (2016 с.) диэн кинигэни суруйда.
Онтон «Одо, эдэр сааспыт аргыстара» (2018 с.) диэн кинигэни дьуегэтэ Местникова Александра
Ивановналыын Сыырдаах орто оскуолатын бутэрбиттэрэ 55 сылыгар хомуйан онордулар. Кэлинни
сылларга «Сэрии тыына елтеххе» (2020 с.) уонна уонча сыл дьарыктаммыт доруобуйа беледун уон
сылыгар ананан суруллубут «Хамсаныы - актыыбынай уйун уйэлэнии мэктиэтэ» (Движение - залог
активного долголетия)» сурунаалы тайаарыыга улэлээтэ (2020 с.).
Кини тереебут елтодун нэйилиэгин уонна улэлээбит Госпланын устуоруйаларын хасыйан суруйбут
улэлэрэ нэйилиэгин, улууйун, улэлээбит тэрилтэтин кырдьадастарын, дьонун-сэргэтин биллэрдик
интэриэйиргэттэ, биланаалэрин ылла, араас надараадаларынан бэлиэтэннэ. Ол тумугэр, дьэ, кэлэн
диэбит курдук, туерт уонча сыллаах туох баар улэтэ-хамнайа биирдэ мунньуллан баран, урдуктук
сыаналанна, ереспуубулукэ «Гражданскай килбиэн», «Экономика министиэристибэтин туйгуна»,
«Тыа хайаайыстыбатын министиэристибэтин туйгуна» бэлиэлэринэн надараадаланна, Уус Алдан
улууйунаады елтех нэйилиэгин Бечуоттаах олохтоодо буолла.
Марфа Васильевна уоллаах кыыйа урдук уерэхтэнэн, улэйит буолан, туспа ыаллар, туома бэйэлэрэ
биэнсийэдэ тахсаллара чугайаата. Уола СГУ-ну бутэрэн, геофизик идэтин байылаан баран, алмаайы
суортуур тэрилтэдэ инженеринэн улэлээбитэ отучча сыл буолан эрэр. Кыыйа, ийэтин туйадын
хатаран, идэтинэн Экономика министерствотыгар улэлиир. Биэнсийэлээх эмээхсин икки сиэнин
кыраларыттан бодьуустайан, одо саадыгар, оскуолада тайыталаан, суйуехтэригэр туруоруста.
Билигин ол дьоммут эмиэ баэнсайэбатиттэн бэрсэр астапаэндайэбат кеметунэн бэлиэр урдук
уерэди бутэриэхчэ буоллулар.
Петр Поликарпович Одорусов,
РФКП уонна тыа хаЬаайыстыбатын бэтэрээнэ,
189

