Page 21 - Нэһилиэк төһүү дьоно
P. 21

тохтуур. Оныуккиһи Николай Михайлович Сергеев— Ньукулаан.
       Үрдүк түоһүгэр мэтээллэрин толору иилинэн бырааһынньыкос-
       гуолугар олордоҕуна — киһи кинини кэрэхсиир. Хайдах эрэ ман-
       нык дьоннооххунан киэн тутта саныыгын.
         Ол  эрээри, дойду бу үрдүк наҕараадалара киниэхэ төһөлеөх
      сыранан, тоһөлөөхэрэйинэн кэлбиттэрин ааҕан билэр киһи бука
      суох да буолуо. Уол оҕо саадаҕын үстэ курданар дииллэр.  Ыьуку-
      лаан сэриигэ үстэ бааһыран баран,  II  группалаах инбэлиит буо-
      лан дойду гугар  кэлбитэ.  Икки  бастакы  бааһырыытын  эмтэнэн
      үтүорэ-үтүөрэ сэриигэ хаттаан киирэн испитэ. Сэриигэ көрсүбүт
      эрэйэ сигэ ааһа илигинэ,  ыарахан баас өссө ханалыйа илигинэ,
      дойдутугар кэлэн атын эрэйи, аһыыны көрсүбүтэ.  Киһи суоҕуна
       гүбүлээн ааспьгг ыар, аас-туор  1942 сыл дьонун суох оҥортообут
      эгэ. ИйэтэТатыйыына, убайдараЛэгиэнтэй, Хонооһой, эдьиийэ
       Мотуруона биир кэм иһигэр өлбүттэрэ. Онтон сотору сэрииттэн
      ипбэлиит буолан  кэлбит быраата Өлөксөй,  кыра эдьиийэ  Евдо-
      кия суох буолбуттара. Онон ханнык эрэ кылгас кэм иһигэр бүтүн
      биир улахан ыалтан соҕотох чоройон хаалбыта. Ама да ааспытын
      иһнн,  кытаанах күннэр-дьыллар этилэр.  Ылбыт баас оһор буо-
      лап,  харах  уута  куурар  буолан  эрэ сүрэх аһыыта дьаралыйдаҕа.
      Ол дириҥ охсуу дьыл-кэм  ханнык эрэ  күлүгэр,  ааһан  биэрбэт
      дьарҕа буолан, саастаахкиһи санныгартайанан ылаахтыырбуол-
      лаҕа, эбээт. Аныгы оҕолор ону өйдүөхтэрэдуо? Кырдьаҕас киһи-
      н п араастаан эрийэн-мускуйан бараллар. Аны кэлин кэмҥэ«Улу-
      гуруу оҕонньоро» диэн этэн  эрдэхтэрэ.  Оччолорго өлүү-тиллии
      үоһүгэр сылдьан, ким улугуруой? Хата, күн тиийбэтэ, барыга ба-
      ры саҥаттан саҥа соруктар, саҥаттан саҥа былааннар олох хаа-
      мыытынан  ыган аҕай биэрэллэрэ. Сэрииттэн эмсэҕэлээбит но-
      руот күүһэ баарынан мөхсөрө, өйө тиийэринэн була-тала сатаан
      үлэлиирэ.  1938  сылга  комсомолга  киириэҕиттэн  ыла  партия
      ыйыытын толорон  кэллэ.  Партияҕа эрэллээхтик сулууспалаата.
      Оптон  хомойбот.  Билигин даҕаны дойдуга партияланан олоруу
      баарын  тухары бэйэтин партиятыттан тахсар санаата суох.
         Ки һи аан иэччэҕэ буолбатах, антах-бэттэх халбаҥнаабат. Дьа-
      даҥы  кыра  киһи  оҕотун  киэҥ суолга таһаарбыт,  бастыҥ дьону
      кытта тэҥҥэ хаамтарбыт, үөрэххэ, үлэҕэ уһуйбут партия баар этэ.
      Партия  киһи  кыайыыларын да,  сыыһаларын да тэҥҥэ  тутан,
      соп гоохтүк сыаналыыра.
   16   17   18   19   20   21   22   23   24   25   26