Page 146 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 146

ӨЛТӨХ нэһилиэгэ

            үлэлиир кэммэр дьаһалта  баһылыга  Сивцев  Николай  Николаевич  быһаччы  салайыы-
            тынан  «Ийэҕэ  махтал»  сквер  аһыллыытыгар  көмөлөспүтүм  уонна син  араас  үлэни  тэ-
            рийэн  ыыппытым.  Үлэм сыаналанан,  «Уус Алдан  улууһун  социальнай-экономическай
            сайдыытыгар  кылаатын  иһин»  бэлиэ  хаһаайынабын,  Өлтөх  нэһилиэгин  Бочуоттаах
            олохтооҕобун.
               Хаһан да сэрии буолбатын,  ил-эйэ сир  үрдүгэр өрүү баар буоллун.
                                                                           К улун  т ут а р   2  к ү н э   2 0 2 0  сыл


                          Сивцева (Местникова) Варвара Дмитриевна

                                       Сивцева  (Местникова)  Варвара  Дмитриевна  1935  сьы  кулун
                                    тутар  25  күнүгэр  Уус  Алдан  оройуонугар  Курбуһах  нэһилиэгэр
                                    төрөөбүтэ.  Төрөппүт  аҕата  Местников  Дмитрий  Николаевич  1
                                     Курбуһах, ийэтэ Говорова Анна Михайловна Өлтөх нэһилиэгит-
                                    тэн  төрүттээхтэр.  Ийэтэ,  ыарыһах  буолан,  Варвара  3  сааһыгар
                                    өлбүтэ. Аҕата, сааһыран баран, Аҕа дойду сэриитин сут кэмигэр,
                                    саас муус устар ыйга  1943 с.  аччыктаан  өлбүт. Тулаайах хаалбыт
                                    оҕолору  холкуоһунай  дьааһылаҕа  ыланнар  көрбүттэр.  «Уу-хаар
                                    иһэрдэн,  суту-сутурҕаны  туораттыбыт,  оҕус  сиэтэр  дьон  буол-
                                    лулар»,  —  диэннэр  сэрии  бүтэрин  саҕана  оройуон  детдомугар
                                    ылаары  гыммыттарын,  сэбиэт  бэрэссэдээтэлэ,  сэкирэтээрэ
                                    биэрбэтэхтэр.  Инньэ  гынан  кыһынын  ыалларга  оҕо  көрсүһэн,
                                    сайынын  окко-маска  үлэлээбит,  оҕус  сиэтэр,  бурдук  ыһыыты-
            гар  сылдьар.  12  сааһыттан  субай  сүөһү  көрүүтүгэр  көмөлөһөөччүнэн,  16  сааһыттан
            биэнсийэҕэ тахсыар диэри  ыанньыксытынан  үлэлээбитэ.
               1958  с.  күһүнүгэр  бэйэтин  курдук  эмиэ  тулаайах  киһиэхэ,  Чурапчы  оройуонун
            Чыаппара  бөһүөлэгиттэн  Сивцев  Николай  Филипповичка  (1935—1993)  кэргэн  тахсар.
            7 оҕолоохтор,  16 сиэннээхтэр,  элбэх хос сиэннээхтэр.  Бэйдиҥэҕэ  1967 с.  кэлбиттэрэ.
               Тыыл,  үлэ  бэтэрээнэ,  Уус  Алдан,  Өлтөх  нэһилиэгин  Бочуоттаах  олохтооҕо.  «За
            вклад в социально-экономическое развитие Усть-Алданского улуса» бэлиэлээх. «1941 —
            1945 сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии  кэмигэр килбиэннээх үлэтин  иһин» уонна  үгүс
            үбүлүөйүнэй  мэтээллэрдээх.


                            Татаринов Иннокентий Анемподистович

                                       Бэйдиҥэттэн  Туйма  үрэҕи  батан,  илин  диэки  таҕыстахха,
                                    Өлүнньэхтээх  диэн  сир  баар.  Урут  1950-51  сс.  Өлүнньэхтээх
                                    Бастакы  Өлтөх  «Коммуна суола»  холкуос  киинэ  этэ.  Оччолорго
                                    Өлүнньэхтээххэ  түөрт  кылаастаах  начаалынай  оскуола,  интэ-
                                    ринээт,  кулууп,  маҕаһыын,  холкуос  хонтуората,  сүүрбэччэ  чаа-
                                    һынай дьиэ,  баанньык кытта баара.
                                       Мин Өлүнньэхтээхтэн хоту диэки,  быһа холуйан  3-4 км  Үөт-
                                    тээх диэн сиргэ төрөөбүт эбиппин. Аҕам Татаринов Анемподист
                                    Яковлевич  — уоттаах сэрии  кыттыылааҕа.  1941  сыллаахха атыр-
                                    дьах  ыйыгар  бэбиэскэ  тутан,  сэриигэ  ыҥырыллан  барар.  Кини
                                    II,  III  Украинскай  фроннарга сэриилэспит.  Таганрогу, Днепро-
                                    петровскайы, Донбаһы босхолоспут, Днепр өрүһү туорааһыҥҥа
            бааһыран,  уһуннук  госпитальга  сытан  эмтэнэн  баран,  дойдутугар  1943  сыллаахха  II
            группалаах  инбэлиит  буолан,  элбэх  бойобуой  наҕараадалардаах,  уордьаннаах  төннөн




                                                        142
   141   142   143   144   145   146   147   148   149   150   151