Page 283 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 283

IХОРО нэһилиэгэ


















                                     I Хоро  нэһилиэгэ


                                Алексеева Анна Дмитриевна

          Мин  10.10.1943  сыллаах  төрүөх  буоларбынан,  сэрии  сылын
       оҕотобун.  Биһиги  дьиэ  кэргэҥҥэ  сэрии  сььтьгн  оҕолоругар  уба-
       йым  Ваня  —  11.11.1941  сыллаах төрүөх уонна Толя  —  23.11.1945
       сыллаах төрүөх киирсиэ эбиттэр...
          Сэрии  ыар сылларын биһиги  ийэбит хайдах тулуйбутун  сана-
       атахпына,  киниэхэ  убаастабьшым,  махтатым,  кининэн  холобур
       оҥосторум  улахан.  Мин  10  уолу  кытта  улааппыт  соҕотох  кыыс
       буолабын.  Үксүн  ийэм  таһыгар  сыдцьыбыт  буоламмын,  кини
       кэпсээннэриттэн үгүһү билэбин.
          Ийэм  1919 сьшлаах төрүөх. Улахан убайбын Васяны төрөтөрү-
       гэр  1939 с.  20 эрэ саастаах эбит.  Роддомҥа иккиэйэх эрэ буолан
       төрөөбүттэр.  Хор,  онно  оҕотун  аҕалан  (оҕолонноҕун  сарсыҥҥы
       киэһэтигэр)  эмтэрэ  биэрбиттэр.  Онно  оҕотун  маҥнайгы  уонна  бүтэһик  эмтэриитэ
       буолбут.  Кини  кэннэ  Тандаттан  Турантаева диэн дьахтар оҕоломмут.  Ол  кини  оҕотун
       сарсыҥҥы  сарсыарда  киниэхэ  аҕалан  биэрбиттэр.  Онно  ийэм:  «Бу  мин  оҕом  буолба-
       тах, мин бэҕэһээ киэһэ ити оҕону эмтэрбитим»,  — диэбит.  Ону, кинини саҥардыбатах
       да эбиттэр:  «Эн маҥнайгы оҕолоноҕун,  эн  кыраҕын, хараҕын,  онон  бу эн оҕоҥ,  онтон
       анараа дьахтар маҕан, улахан уонна 4-с  оҕолонуута, онон  оҕото улахан»,  — диэбиттэр.
       Ону тээтэбитигэр эппитин: «Чэ, кэлин биллэн иһиэ», — диэбит.  Онон бүппүт. Оҕолор
       аҕабытын  куруук «тээтэбит» диэн ааттыыр этибит.
          Бастакы оҕоҕо ийэм аҕатын  аатын биэрбиттэриттэн  уоскуйбут.  Баасканы,  күн  сирин
       көрбүт бастакы оҕолорун,  ийэм да,  эбэм  Настаа да таптаан,  маанылаан улаатыннарбьҥ-
       тара.  Бааска  икки  саастааҕар  1940  сьшлаахха  ийэм  ыарахан  буолан  иккис  уол  оҕотун
       төрөтөр. Сэрии буолуон да иннинэ Сахабьҥ сиригэр олорорго усулуобуйа кьҥаанах эбит.
       «Наһаа үчүгэй, улахан баҕайы уол оҕо төрөөбүтэ»,  — диэн ийэм ахтар этэ.  «Өлбөт оҕону
       роддом үлэһиттэрэ көрбөкккө өлөрбүттэрэ», — диир этэ.  Роддом үрдүнэн оҕотунаан ик-
       киэ эрэ эбиттэр. Дьиэ наһаа тымныы эбит.  Онон оҕо тоҥон, тымныйан өлбүт.  «Оҕобун
       хоонньубар  утуом,  сылаас  буолуо  этэ»,  —  диэн  көрдөспүтүн:  «Олох  сатаммат,  көҥүл-
       лэммэт»,  — диэн  биэрбэтэхтэр.  Онон  роддомтан  өлбүт  оҕоггу  таһаарбьгттар.  Бу  курдук
       биһиги ийэбит,  11 оҕо ийэтэ, икки бастакьг оҕолоругар табыллыбатаҕьгн үрдүнэн, хайдах
       тулуйан, үйэтин тухарьг сүрэх-бьгар бааһа оҥосто сьшдььгбьҥа буолуой...  Итини кимиэхэ
       да,  хаһан  да  кэпсээбэт  этэ.  Бука,  миэхэ  эрэ  истиҥ  санаатьгн  эппитэ  буолуо,  ону  мин
       оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ биллиннэр диэн суруйабьгн,  үйэтиттим дии санаатьгм.
          Аны  бу  дьарамай,  нарьгн,  намчьг  ийэбит  санньггар  сэрии  ьгар  сьшлара  кэлбит-
       тэрэ.  Тээтэбитин  үлэ  фронугар  Читаҕа  тимир  суол  оҥоһуутугар  ьгьгппьгттара.  Тээтэм
       төрүөҕүттэн  биир  атаҕа  кьшгас  этэ.  Онон  уоттаах  сэриигэ  барбатаҕа,  үлэ  фронугар



                                                   279
   278   279   280   281   282   283   284   285   286   287   288