Page 284 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 284

IХОРО нэһилиэгэ

            Читаҕа сулууспалаабыта. Этэргэ дылы «куһаҕан да үчүгэйдээх».  Ийэм ыарыһах ийэтин
            къпта  Бааска,  Баанньа  уонна  мин  ис  иһигэр  хаалбыппыт.  Сэрии  ыар  сылыгар  аны
            мин төрүүбүн.  Онно тута тээтэбэр телеграмма  ыыппыттар.  Өр-өтөр буолбатах,  эппиэт
            телеграмма тигинээн  кэлбит:  «Кыһьш  кыыска Ааныска  Кыһыл Армияттан  эҕэрдэ»,  —
            диэн  уу  сахалыы  телеграмма  буолбут.  Тээтэм  бииргэ  төрөөбүт  үһүө  этилэр:  эдьиий-
            дэрэ Баскыа уонна Аана.  Эдьиийэ Аана Хардьамыттаҕа олорон  иһинэн таарымталанан
            ыалдьыбытын тэлиэгэлээх атынан  Бороҕоҥҥо аҕалан истэхтэринэ,  Сиэллээх аартыкка
            быстаахтаабыт.  Ол  аһыыта,  кутурҕана ааһа  илигинэ  мин төрөөммүн  кини  аатын  биэр-
            биттэр.  Онон биир сүтүгү солбуйбут курдукпун.
               Тээтэм Хардьамыттаҕа  Күүлэйэп аймахха соҕотох наследник буолан олус  күндүргэп-
            питтэрэ үһү. Дэлэҕэ да «чыккымайбыт» диэн таптал аат иҥпит.  Ол гынан сахаҕа улахан,
            көнө уҥуохтаах, бөдөҥ-садаҥ этэ.  Үгүс дьон ахтыытыттан  ааҕан тээтэбинэн  киэн тутга-
            бын.  Сэрии  ыар сылларыгар хас да билэр дьоно, ол  иһигэр  Конников Гаврил  Илларио-
            нович  кэпсиирин  эт кулгаахпынан  истибитим:  «Миитэрэй  олус  булугас  өйдөөх буолан,
            биһигини  элбэхтэ  абыраабыта»,  —  диирэ.  Кинилэр  үлэ  фронугар  бииргэ  сулууспалаа-
            быттар.  Куһаҕан  да  дьаллык  сороҕор  туһалыыр  эбит.  Тээтэм  ахсаанньыт  буолан,  өйгө
            суокка  олох  үчүгэй,  хаарты  хараҕын  олох үчүгэйдик ааҕан,  тутан  оонньуур  буолан,  ки-
            лиэп, кэнсиэрбэ курдук астары сүүйэн дьонун аһатар идэлээх эбит. Тээтэм мындыр өйү-
            нэн хаһан да дьонун-сэргэтин  атаҕастаппат,  хайдах эрэ уоскутан  кэбиһэр дьоҕурдааҕын
            дьон үгүстүк кэпсиирэ. Ол да дойдуга: «Мин бэппин», — диэччилэр баһаамнар буоллаҕа.
               Биһиги  ийэбит тээтэбинээн  бэйэ-бэйэлэригэр  олус  истиҥ  сыһыаннаах  этилэр.  Ол
            да  иһин  биһиги  оҕо  сааспыт  дьоллоохтук  ааспыта.  Кырдьык,  сэрии  сыллара,  сэрии
            сылларын  кэннэ да олус  ыар кэмнэр ааспыттар эбит.
               Бу курдук ахтыылартан сиэннэр,  хос сиэннэр ааҕан,  үүттэн сүөгэйин холбуйар кур-
            дук,  уос  номоҕо  оҥостон  оҕолоругар  кэпсиэхтэрэ диэн  санааттан  аҕа  көлүөнэ  ахтыы
            кинигэлэри суруйан хааллараллар.
               Мин  олохпор  42  сыл  оҕону  иитиигэ  үлэлээбит  педагогическай  үлэ  бэтэрээнэбин.
            Кэлин  10  сылбын кыраайы  үөрэтиинэн дьарыктаммыт буоламмын  маннык ахтыы  ки-
            нигэлэр тахсалларын сэргиибин.
               Сэрии  сылларын  ийэм  эрэ  кэпсээннэринэн  батэбин.  Олус  ыар  сыллар  ааспыттар
            эбит.  Ийэбит,  үс  кыра оҕолоох,  ыарыһах ийэлээх да буоллар,  үлэһит  илии тиийбэт кэ-
            мигэр холкуос ыарахан  үлэтигэр үлэлээбитэ.  Ол кэмнэри маннык кэпсиирэ.  Оччолорго
            убайым  Бааска  5  саастаах,  убайым  Баанньа  3  саастаах.  Мин  1  саастаахпар  үлэлии  ба-
            рарыгар  миигин  олоппоско  кэлгийэн хаалларар эбит.  Онон  миигин олоппос  оҕолообут
            үһү.  Орой  мэник  убайдарым  чаһы  12-ни  көрдөрдөҕүнэ,  бытыылкатаах  үүппүн  аҕалан
            олоппоһум остуолугар лах гыннара ууран биэрэллэрэ үһү. Ону ылан иһэн  испин өллүүр
            үһүбүн.  Үлэлии  сылдьан  ийэм  аны  сүүрэкэлии  сылдьан  оҕолорун  түҥнэри  көтөллөрө
            буолуо диэн куттанара үһү. Ол эрээри баччаҕа кэлэр бааппар син да оҕолообуттар. Сытар
            эбэм  уолаттар  аһара  бардахтарына син  да буойан  эрдэҕэ.  Эбэм  барахсан  онтон  өр  бар-
            батаҕа.  Мин  бүдүк-бадык  киһини  өйдүүр буолбут  кэммэр өлбүтэ.  Ийэм  биир  хаартыс-
            каны  олох хараҕын  харатын  курдук  харыстаан,  дьааһыгын  түгэҕэр уга  сылдьар  этэ.  Ол
            хаартысканы  мин биирдэ эрэ көрөн аһарбытым.  Билигин син ханна эмит баара буолуо.
            Ол аҕатын хаартыската этэ. Икки эрээтинэн 6-7 киһи түспүт хаартыскалара.  Профессио-
            нальнай  фотограф  түһэрбит  хаартыската  этэ.  Онно  2-с  эрээккэ  уҥаттан  бастакы  тура-
            рааччы  ийэм  аҕата эбит.  «Дьоҥҥо  көрдөрүмэҥ,  кэпсээмэҥ,  бу бииргэ түспүт дьонноро
            кылаас өстөөхтөрө»,  — диирэ.  Ол  хаартыска син  кимиэхэ эмит баара буолуо.  Ийэбинэн
            эһэбит Готовцев Василий диэн эбит. Архыып матырыйаалын хасыһар буоллар син  киһи
            булуо эбитэ буолуо...  Эһэбит ол  хаартыската элбэҕи  кэпсиэхтээх этэ.  Оҕолор  оонньоон
            алдьаппыттара,  сүтэрбиттэрэ  буолуо,  баҕар...  Ыйыталаһан  көрбүтүм,  ким  да  көрбөтөх
            эбит.  Билигин санаатахха,  репрессияҕа түбэспит дьон буолуохтарын сөп.
              Дьэ ити  курдук мин билиим  одоҥ-додоҥ буоллаҕа...  Ону да ийэм  аттыгар улааппыт
            буолан өйбөр-санаабар хаалбыт.


                                                        280
   279   280   281   282   283   284   285   286   287   288   289