Page 38 - Тыыннаахтар олох олорор аналлаахатр
P. 38
тоохторун С.Г.Сивцеви уонна М.Г.Сивцеваны көрсөн ирэ-
хоро кэпсэппитим, ийэлэрин туһунан сураһан балаччаны
билбитим...
М.В.Шергина-Сивцева төрүт уус Чэриктэй нэһилиэгин
олохтооҕо. Кини 1901 сыл бэс ыйын 5 күнүгэр Арыылаах
алааска Анисия уонна Баһылай Шергиннэргэ төрдүс оҕо-
нон күн сирин көрбүтэ. Кыыс ийэлээх аҕата быстар дьада-
ҥы дьон буолан кыыстарын нэһилиэк сэниэ ыалыгар Денис
Иннокентьевич Гороховтаахха иитиэххэ биэрбиттэрэ. Ол
эрээри бу ыал Мааппаны өр ииппэтэхтэрэ, утуу-субуу өлөн-
нөр кыыс төрөппүт дьонугар төннөн кэлбитэ. Онтон ыла
дьонун кытта эҥээрдэһэн, дьиэ иһинэн-таһынан барыны-
бары үлэлээн олорбута. Мааппа 26 сааһыгар тиийиитэ,
ийэлээх аҕата аһыыр-таҥнар кыһалҕаттан, 1927 сыллаахха
Тэбиик нэһилиэгин уолугар, бэйэтиттэн тоҕус сыл балыс
Г.П.Сивцевкэ эргэ биэрбиттэрэ. Гаврил Петрович аҕата Бүө-
түр Сивцев-Туотаайы сылгы, ынах сүөһүнэн ииттэн олорор,
бэйэтин көрүнэр сэниэ киһи этэ. Кини кэргэнэ Матырыа-
на ыарыһах буолан элбэхтик оҕоломмотохторо, соҕотох эрэ
уоллаахтара. Холкуостар тэриллиилэригэр Бүөтүр Сивцев-
тээх 16 сылгыны, биир ынаҕы уонна көлүүр оҕуһун холбоон
М.В.Сивцсва кыыһын, уолун кытта

