Page 40 - Тыыннаахтар олох олорор аналлаахатр
P. 40
Сиэннэр: Саргылана, Вапя, Гаия, Саша Максимовтар,
Коля Сивцев. Чэриктэйгэ, М.В.Сивцева хос сиэннэрэ
Энгельс аатынан холкуос чилиэннэрэ буолбуттара. Мааппа
кэргэнэ Хабырыыс холкуоска киирээт хара ааныттан кол-
хуос төһүү үлэһитэ буолбута. Хабырыыс сайынын косил-
канан от оҕустарааччы, кыһынын мас кэрдээччи, от тиэ-
йээччи бастыҥа этэ. Ол быыһыгар Ааллаах-Үүҥҥэ таһаҕас
таһыытыгар айаҥҥа иккитэ баран кэлбитэ. Кэлин Гаврил
Петрович колхуоһугар биригэдьиирдээбитэ. Мааппа Хабы-
рыыстыын холбоһон баран үс сыл курдук оҕоломмокко сыл-
дьыбыта. Онон ити сылларга хонуу үлэтигэр эр дьону кыт-
та тэҥҥэ үлэлэһэрэ. Эдэр ыалга 1930 сыл улахан үөрүүнү
аҕалбыта. Кинилэргэ Иэйэхсит эдьиийдэрэ «мичик» гынан
уол оҕону бэлэхтээбитэ, уолу Сэмэн диэн ааттаабыттара.
Кимнээҕэр да ордук эһэлэрэ Бүөтүр оҕонньор үөрбүтэ.
Сиипсэптэр удьуордарын салгыыр киһилэннэҕэ. Икки сыл
буолан баран Мааппа эмиэ уол оҕону төрөппүтэ. Сэрии кэ-
мигэр уонуттан тахсыбыт уол Хонооһой аҕата суох улаа-
тан, олох ыарахаттарын барытын билэн улааппыта. Кини
ыал буолан баран, үлэтин үгэнигэр сылдьан 1976 сыллаахха
өлбүтэ. Эбээ Мааппа билигин 1934 сыллаахха күн сирин
көрдөрбүт кыыһыгар Маайаҕа олорор. Мария Гаврильевна
сэрии кыттыылааҕар Семен Саввич Поповка эргэ тахсан 6
оҕоломмута. Билигин биэс оҕото баар. Мария Гаврильев-

