Page 44 - Тыыннаахтар олох олорор аналлаахатр
P. 44

ырыаҕа ылламмыт Чэриктэй хатыҥ чараҥын ортотунан, ыл-
       лык суолунан күнү утары хаама турдум...

                          2000  сыл,  ахсынньы  ый.  Чэриктэй  —  Бороҕон

                  Ийэҕэ,  эбээҕэ  истиҥ,  иһирэх тыллар

          Орто Дойдуга кэлбит Киһи үйэтэ уһаан — оҕо,  сиэн, хос
       сиэн,  хос-хос  сиэн  тапталын  биллэҕинэ,  ама,  мантан  ор-
       дук  туох  дьоло  баар  буолуой...  Мин  эбээ  Мааппаны  көр-
       сүөхпүттэн  10  сыл  ааһа  оҕуста.  Ол  көрсүһүү  кэнниттэн
       кинини  көрбөтөрбүн да,  чэгиэнник-чэбдиктик туттан, Дьо-
       куускайга сиэнигэр этэҥҥэ олорорун истэ сылдьабын.
          М.В.Сивцева  Улуу  Кыайыы  65  сыллаах  өрөгөйдөөх  үбү-
       лүөйүн  көрсө  109  сааһын  туолаары  олорор.  Бу  Ытык  саа-
       һыгар  сылдьар  Марфа  Васильевна  билигин  да  бэйэтин
       көрүнэр чэнчис киһи. Арай кырдьыы сиэринэн, истэрэ мөл-
       төөбүт. Кинини элбэх ахсааннаах сиэннэриттэн биирдэстэрэ
       Попова-Колесова Альбина  Семеновна корон-истэн олорор.
          Уоттаах  сэрии  буойунун  огдообото  дьон  буолбут  4  оҕо-
       туттан,  кийииттиин,  күтүөттүүн ууһаан-тэнийэн биир кыра
       тэлгэһэҕэ баппат буола элбээтилэр. Кинилэр ийэлэрин, эбэ-
       лэрин  туһунан  бары  истиҥ-иһирэх  өйдөбүллээхтэр.  Били-
       гин билсиҥ кинилэр  иһирэх ахтыыларын.
          (Ахтыылар хатылаһар өрүттэрэ кылгатылынна.  У.Б.)

                                  *  *  *
          Биһиги  аҕабыт  Сивцев  Семен  Гаврильевич,  аҕата  Сив-
       цев Гаврил Петрович сэриигэ барарыгар  1941  сыл, атырдьах
       ыйыгар  оруобуна  11  сааһын  томтойо  туолбут.  Онон  сэрии
       сылларыгар  ыал  улахан  оҕото  ийэтигэр төһүү  күүс  буолан,
       дьиэ иһинэн-таһынан араас үлэни барытын үлэлээбит. Аҕа-
       та  суох тулаайах хаалбыт  уол  4  кылаас  үорэҕинэн уурайан,
       оскуола аанын бүтэһиктээхтик сабан колхуос хара үлэһити-
       нэн сылдьан  борбуйун көтөхпүт.
          Сивцев  Семен  Гаврильевич  кэлин  «Дүпсүн»  сопхуоска
       бостуугунан, сүөһү көрөөччүнэн, кочегарынан үлэлээн пен-
       сияҕа  тахсыбыта.  Боростуой  колхуостаах,  оробуочай  оччо-
       тооҕу таһаарыылаах үлэтин туоһулуур «Бочуотунай грамота-
       лар»,  «Махтал суруктар» элбэхтэр...
          Семен  Гаврильевич  1968  сыллаахха  олоҕун  аргыһын Ан-
   39   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49