Page 77 - Тыыннаахтар олох олорор аналлаахатр
P. 77

тугар  охтубутун  кэннэ  эдьиийим  Маайыс  биһиги  олохпут
       итинник дьылҕаланан, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан сыл-
       дьан тыыннаах хаалан, дьон буолан билигин ийэ, эбээ ааты-
       ран  баччаҕа  кэллибит.  Урукку  ыар  олох  содула  хаарыйан
       эдьиийим  Мария  Семеновна  билигин  үксүн  орон  киһитэ
       буолан  олорор.  Мин  эмиэ  хас  да  эпэрээссийэ  кэнниттэн
       иккис  группа,  иккис истиэпэннээх инбэлиитэ  киһи буолан
       баран сылдьабын. Бу барыта сэрии алдьархайа, кини тэбиитэ!..
          Эдьиийим  Мария  Семеновна  60-нус  сылларга  2-с  Өлтөх
       нэһилиэгин  Күөл  Эбэ диэн  сиртэн  төрүттээх  Петров  Пла-
       тон  Петрович  диэн  киһилиин  холбоһон  ыал  буолбуттара.
       Айылҕа  барахсан  эдьиийбэр  оҕону  бэрсибитэ,  Петровтар
       5  кыыс,  1  уол  оҕоломмуттара.  Эдьиийим  Маайыс  доруо-
       буйата  үчүгэйэ  буоллар  оссө  да  оҕолонуо  эбитэ  буолуо...
       Эдьиийим аах оҕолоро билигин бары ыал буолан, тус-туспа
       дьиэлэнэн-уоттанан  этэҥҥэ  үлэлии-хамсыы  сылдьаллар.
       Улахан кыыс  Нина  Платоновна Аммаҕа олорор,  фельдшер-
       акушер идэлээх.  Кыра  кыыс Александра  Платоновна атыы-
       лааччы  идэлээх.  Билигин  бэйэлэрэ  маҕаһыыннаахтар,  Бэй-
       диҥэҕэ олороллор.  Петровтар атын оҕолоро бары Сыырдаах
       бөһүөлэгэр  олохсуйдулар.  Мария  Семеновна  сиэннэрэ,  хос
       сиэннэрэ  сүүрбэччэҕэ  тиийдэ,  эдэр  дьон  өссө  да  үөскүү,
       эбштлэ туруохтара буоллаҕа.
          Билигин сааһыран олорон эдьиийбинээн бэйэ-бэйэбитин
       өйөһон, оҕолорбут, сиэннэрбитдьоллорунан дуоһуйан, сүбэ-
       ама буолан,  кинилэр ситиһиилэринэн кынаттанан,  ыарыы-
       бытын да умнан,  уйдаран олоробут.
          Аны хаһан да сэрии буолбатын!  Оҕо-уруу тулаайахсыйар
       кыһалҕаны билбэтин!

                                      Сивцева-Бурцева  Анна  Егоровна,
                                            сэрии тулаайаҕа.  2009  сыл
   72   73   74   75   76   77   78   79   80   81   82