Page 90 - Тыыннаахтар олох олорор аналлаахатр
P. 90
суох эбит) үлэлии олорон 1941 сыл-
лаахха бастакы хомуурга атырдьах
ыйын бүтэһигин диэки аармыйаҕа
ыҥырыллыбыт. Мин кини сэрии-
гэ барбытын кэннэ, сэтинньи ый 18
күнүгэр күн сирин көрбүппүн. Аҕам
эдьиийэ Мария миигин Октябрина
диэн ааттаабыт. Ииан Иннокентье-
вич Охлопков 1942 сыллаахха уоттаах
сэрии хонуутугар сураҕа суох сүппүт.
Оннук ис хоһоонноох суругу ийэм Та-
тьяна Ивановна райкомҥа секретарь-
О.И.Охлопкова- машинистканан үлэлии олорон туп-
Петрова пут. Аҕам ханнык фроҥҥа сэриилэһэ
сылдьан өлбүтэ, ханна көмүллүбүтэ
биллибэт. «Память» кинигэ 3-с томугар маннык диэн су-
руллубут:
«Охлопков Иван Иннокентьевич, ряд., 1915 г.р. Урож.
Берт-Усовского н-га Усть-Алданского р-на, якут, призван
Чурапчинским РВК, погиб 09. 42, место захоронения не
установлено».
Ийэм аҕабын «Сураҕа суох сүппүт» киһи, баҕар, кэлиэҕэ
диэн 6 сыл күүппүт. Оннук биллэриилээх, бэл өлбүт дэм-
мит «хара суруктаах» дьоннор сороҕор дойдуларыгар төннөн
кэлэллэр эбит. Биһиги аҕабыт сурахтыын сүтэн, ийэм аҕа-
быт барбыта сэттис сылыгар кыыһыгар миэхэ ханыы оҕо
он остон уол оҕону гөрөппүт, Виталий диэн ааттаабыт. Уолу
оскуолаҕа киириэр диэри эһэбит Уйбаан оҕонньор ииппитэ.
Виталий кэргэннэнэн үс оҕолонон баран, оҕолоро кырала-
рыгар эдэр сааһыгар ыалдьан өлбүтэ.
Ийэм Татьяна Ивановна 1950 сыллаахха олоҕун иккистээн
оҥостон Данилов Иван Николаевич диэн учуутал киһиэхэ
эргэ тахсыбыта. Киниттэн икки уол оҕону төрөппүтэ. Воло-
дялара эмиэ эдэр сааһыгар өлбүтэ. Киниттэн биир уол оҕо
хаалан билигин ыал буолан олорор. Валерий Иванович улуус
дьаһалтатыгар нэһилиэктэри кытта үлэҕэ начальнигынан
үлэлиир. Кэргэнэ Валентина Кириковна гимназияҕа учуутал-
лыыр. Валерийдаах икки уол, биир кыыс оҕолоохтор, сиэн-
нэрдээхтэр. Оҕолоро үһүөн үрдүк үөрэхтэнэн идэлэринэн
үлэлии сылдьаллар.
Мин 1962 сыллаахха Сыырдаах орто оскуолатын бүтэрэн
баран, комсомольскай путевканан икки сыл «Лена» колхуос-

