Page 94 - Тыыннаахтар олох олорор аналлаахатр
P. 94
бүттэрэ. Дьэ, итинник уот кураан буолан ыалларга сүөһү
иитиитэ лаппа аҕыйаабыта. Онтон-мантан тирбэҕэлээн от-
туур дьон биирдии эмэ ынаҕы иитэллэрэ, сорохтор ол от-
торо тиийбэккэ уонна аччыктаан кыһын ортого сүөһүлэрин
өлөрөн сиэбиттэрэ... Сэрии кэмэ буолан, байыаннай сокуон
олус кытаанаҕынан, бэл, бэйэ чааһынай сүөһүтүн, сылгы-
тын туттар бобуулаах этэ. Онон сүөһүлэрин, сылгыларын
адьас ырыганнаабытын эрэ кэннэ, оройуон бэтэринээригэр
«Туһаҕа турбат» диэн ыспыраапка суруйтаран (уматыллыах-
таах), өлөрөн, бэрт кистэлинэн сииллэрэ» диэн сорох кыр-
дьаҕастар кэпсииллэр. (У.Б.) Итинник аччык кэмҥэ ыал
барыта кэриэтэ бэс маһы охторон куолбастаан, сутукатын
кыһыйан буһаран аһылык оҥостоллоро, үлэлиир эрэ дьоҥ-
ҥо ыйга 3 киилэ бурдук бэриллэрэ. Сорохтор кыа угун үр-
гээн, хатаран, ону кыһын тарга булкуйан, ол бурдуктарынан
сэлиэйдээн, үөрэ бутугас оҥостон иһэллэрэ.
Сэрии сылларыгар колхуостар эттэрин, арыыларын ба-
рытын «Фрошга барар» диэннэр оройуон киинигэр киллэ-
рэн туттаран иһэллэрэ. Онон сорох киэһэлэргэ айахха угар
туох да суох буолара.
— Оҕолорбутугар тугу аһатабыт, туох эмэ астаах буоллах-
пыт дуу!.. — дии-дии, ийэлэр эрэйдээхтэр ытаһаллара. Со-
рох ийэлэр сэриигэ барбыт кэргэннэрин суруктарын ааҕа-
ааҕа ытаан уйа-хайа суох бараахтыыллара.
Ол да буоллар олох салҕанан баран иһээхтиирэ. Дьахтал-
лар кыһынын ферма сүөһүтүгэр от тиэйэллэрэ, уокка оттор
мас кэрдэллэрэ. Маны таһынан Суоттуттан оройуон киини-
гэр таһаҕас таһаллара, саас аайы оройуон киинигэр саһаан
мас кэрдэн киллэрэллэрэ уонна тэрилтэ көлүнэр аттарыгар
түспүт сыыппара (нуорма) оту тиэйэллэрэ. Онтон от, бурдук
араас үлэтин көрүҥэ барыта эмиэ дьахталларынан уонна ту-
ран эрэр оҕолорунан үлэлэнэрэ. Фсрмаҕа ынах ыаһыныгар,
субай сүоһү көрүүтүгэр кыайан ыраата барбат дьахталлар
үлэлииллэрэ. Ол курдук сорох дьахгаллар кыһыҥҥы таҥас-
тара аанньата суох, агын ийэ элбэх оҕолоох, үһүс дьахтар
ыарыһах буолан күүстээх үлэни кыайаахтаабат буолаллара.
Сэрии огдооболоро үгүстэрэ колхуос туруу үлэһиттэрэ эти-
лэр. Ити үөһэ этиллибит колхуос бары үлэтин үлэлэспит,
сэрии хонуутугар охтубут буойуннар огдооболоруттан со-
рохторун олоҕуттан кылгастык кэпсиэм этэ.

