Page 17 - Умнуллубат ол сыллар.. 2012 М.А
P. 17

туох да умнуллубат

            олорбуппут.  1960  сьшлаахха  Кылаайыга  көһөн  кэлбиппит.  Кол-
            хозкаүлэлээбитим.  1973-75  с.с.  колхозкакочегардаабытым,  он-
            тон  пенсияҕа  тахсыбытым.  Алта  оҕолоохпун,  20  сиэннээхпин,
            27 хос сиэннээхпин.
                                                                    2004с.



                                    Ушницкая Марфа Васильевна
                                   Мин  1928  сыллаахха  балаҕан  ыйын  14
                                күнүгэр  Түүлээх  нэһилиэгэр  дьаданы  кэр-
                                гэҥҥэ  төрөөбүтүм.  Оскуолаҕа  1936  сыл-
                                лаахха киирбитим.
                                   Сэрии  маҥнайгы  сыльҥар  бэһис  кы-
                                лааска  үөрэнэр  этим.  Сэрии  кэмигэр,  кы-
                                һынын  үөрэнэн  баран,  сайынын  улахан
                                дьону  кытары  от-бурдук  хомууругар  тэҥ-
                                ҥэ  үлэлэһэр  этибит.  1943  сыллаахха  Түү-
                                лээх  оскуолатыгар  сэттис  кылааһы  бүтэ-
            рэн  баран,  ас-таҥас  суоҕунан  уонна  ийэлээх  аҕам  кырдьаҕас-
            тара  бэрт  буолан,  салгыы  кыайан  үөрэммэтэҕим.  1944  сылтан
            колхозка  чилиэнинэн  ылыллан,  кыһыннары-сайыннары  бас-
            тайааннай хонуу араас үлэтигэр үлэлээбитим.
               Оччолорго  ас-таҥас  мөлтөх  да  буоллар,  аччыктыыры,
            тоҥору  тулуйан,  араас  ыарахан  үлэлэргэ  саастыылаахтарбын
            кытары син тэҥҥэ сылдьарбыт.
               Сэрии  бүгптүтүн  да  кэнниттэн  олох  тута  көнөн  барбатаҕа.
            Сут-кураан  улаханнык  охсубута.  От  үүммэккэ,  ыраах  өрүс
            уҥуор  «Күбээдэ»  диэн  сиргэ-олус  куһаҕан,  адаар  дулҕалаах
            сиргэ  отгуур  этибит.  Улахан,  уһун  ардахха  ол  сирбит  уу  буолан,
            наар  сүөһү  тыһынан  оҥоһуллубут  дьаппыыска  кэлгинэн  сыл-
            дьарбыт,  сайыны  быһа.  От  отууга  олорон,  уһун  ардахха  отуубут
            тэстэн, илби сытыйан, тоҥон да сылдьаахтаабыт эбиппит.
               1947  сыллаахха  «Аҕа  дойду  Улуу  сэриитигэр  килбиэннээх  үлэ-
            тин  иһин»  медалынан  наҕараадалаабытгара.  Кзлин  «Үлэ  вете-
            рана» уонна хас да юбилейнай медалларынан бэлиэтээбиттэрэ.
               Үс  уоллаахпын,  сэттэ  сиэннээхпин.  Аҕабыт  Винокуров  Кон-
                                          15
   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21   22