Page 42 - Умнуллубат ол сыллар.. 2012 М.А
P. 42

Ким да умнуллубат,

            биирдэ  эмит  барааччыбыт.  Ону  да  көҥүллээх  буоллахпытына
            — сокуон наһаа кытаанах этэ.
               Элбэх  киһи  кыргыһыы  толоонугар  өлбүтэ.  Сэрии  сылын
            оҕолоро  үөрэҕэ  суох  хаалбьтпыт.  Сэрии  кэнниттэн  бу  кыра
            колхуоһу  холбооннор,  улахан  биир  колхуос  оҥорбуттара.  Онон
            үлэ  өссө  элбээбитэ.  Оҕо  сааспыт  оҕус  сиэтиитигэр,  булуугунан
            сири  тиэриигэ,  сиэмэ  ыһыьггыгар  (дьаарьпгса,  ньэһимиэн,  сэ-
            лиэһинэй  ыһаллара),  хортуоска  олордуутугар  ааспьгга.  Утуппат
            этилэр,  түүннэри  бүтэттэрэллэрэ.  Аны  аһыҥа  бурдугу  сиирин
            иһин  сэтии  диэн  быаны  уҥуор-маҥаар  туран  соһорбут.  Сиик
            бөҕө  түһэн,  таҥаспыт  наһаа  сытыйар  этэ.  Ынах  этэрбэс  сьиыһа
            сытыйан бүтэр этэ. Оннук үлэлиирбит.
               Билигин,  кырдьан  олорон  санаатахха,  алдьархайдаах  аас-
            туор  олох  эбит,  ама  да  аастар.  Билигин  70-мун  аастьш.  Соҕото-
            ҕун  олоробун.  Биир  уол  оҕолоохпун,  кэргэннээх,  икки  оҕо-
            лоох.  Туспа  олороллор.  Кинилэргэ  сүбэ-ама  буолабьш.  Бииргэ
            төрөөбүттэр  үһүө  хааллыбыт.  Пенсияҕа  тахсыахпар  диэри  оҕо
            тэрилтэтигэр асчытьшан өр сылларга үлэлээбитим.
                                                                   2004с.


                                   Дегтярева Октябрина Ивановна

                                    Мин  1934  сыллаахха  сэтинньи  7  күнү-
                                 гэр  Өймөкөөн  оройуонугар  I  Бороҕон
                                 нэһилиэгэр төрөөбүтүм.
                                    Биһиги,  хоту  олорор  уонна  климата
                                 тымньгы  буолан,  уоттаах  сэриигэ  ыҥы-
                                 рыытган  босхоломмуппут.  Ол  оннугар
                                 үлэ  фронугар  элбэх  киһи  барбыта  да,  дой-
                                 дуларьҥар    төннүбэтэхтэрэ.   Ахсааннаах
                                 киһи  эргиллибитэ  эрээри,  ыарахан  үлэт-
                                 тэн  доруобуйалара  айгыраан  өр  буолба-
                                 тахтара.  Сэрии  кэмигэр  улахан  дьону
            кытта  тэҥҥэ  илии-атах  буолар  этибит.  Кыһын  оскуолаҕа  мас
            эрбиир, сайын окко үлэлиирбит.
               1952  сыллаахха  Өймөкөөн  ситэтэ  суох  орто  оскуолатын
            бүтэрэн,  ветеринарнай  санитар  идэтигэр  үөрэнэн  үлэбин  саҕа-
            лаабытьгм.
               Онтон телефонисткаҕа көспүтүм.
                                          40
   37   38   39   40   41   42   43   44   45   46   47