Page 40 - Умнуллубат ол сыллар.. 2012 М.А
P. 40
Ким да умнуллубат,
Тарскай Николай Кононович
Мин 1934 сыллаахха ахсынньы ый 19 күнүгэр Түүлээх нэһи-
лиэгэр колхозтаах кэргэҥҥэ төрөөбүтүм. Ийэм Захарова Федо-
ра Елисеевна мин биир саастаахпар өлбүт. Аҕам Тарскай Конон
Степанович биэс саастаахпар өлбүтэ. Ийэм Таатта оройуонун
Игидэй нэһилиэгэр төрөөбүт. Аҕам төрүт Түүлээх олохтооҕо этэ.
Миигин, тулаайах хаалбыт уолу, Алексей Елисеевич уонна
саҥаһым Мария Прокопьевна Тарскайдар ииппиттэр. Кини-
лэр да, кыаммат дьон быһыытынан, кыра оҕону кыайан
көрүөх-арайыа суох буолан, Тарскай Николай Гаврильевич,
Бережнёв Федот Кириллович, Винокуров Антон уонна Хара-
Алдаҥҥа абаҕам Алексей Степанович эдьиийигэр иитиэххэ илдю
сылдьыбьгггар. Онтон Варвара кэргэнэ өлөн, бэйэтэ икки хараҕа
суох буолан уонна хара-алданнар уолбутун уол оҥостор буоллулар
диэн, дьэ, абаҕам оҕонньор Түүлээххэ төттөрү аҕалар. Онтон ыла
абаҕабар иитиллэн олорбутум. Кыра эрдэхпиттэн ыарыһах
буолан: «Бу уол бу түүн өлүүһү», - диэн буолара. Бүтүннүү был-
чархай буолан, сүһүөхтэрим уонна хонноҕум анна олоччу
ириҥэнэн сүүрэн тохтубуттара. Ол дьайан, билигин кыайан
хаампат буоллум, харахпынан тугу да көрбөт буолан эрэбин.
Сэрии саҕана мин, сэтгэлээх-аҕыстаах ыарыһах уол, саҥас-
пар фермаҕа сүөһү көрүүтүгэр көмөлөһөр буоларым. Онно то-
ҥон-хатан, аччьпстаан, сорох күн аһаабакка хонор этибит. Аба-
ҕам Өлөксөй хоргуйан, от тиэйэ сылдьан күрүөҕэ охтубутун,
дьон көрөн, быыһаабыттар. Саҥаһым Маайа аччьпсгаан, фер-
маҕа ынах ыы сылдьан хотон баҕанатын кууһан турарын, эмиэ
дьон өрүһүйбүтгэр. Аччыктааннар сирэйдиин, илиилиин-атах-
тыын сүүлэ иһэн хаалар этилэр. Сэрии сылларыгар кыра
эрдэхтэн наар үлэ — оҕус сиэтиитэ, от мунньуута, эрэй бөҕөнү
көрөр этибит. Түүнүн аһаҕас хонууга нухарыйан ыларбыт.
Онтон сэрии бүтүүтүн саҕана оскуолаҕа ылыы буолар. Тө-
рүкү ыарыһах киһи, хойутаан киирбитим. Чэ, онно да киирэн,
интернат тиийбэт-түгэммэт олоҕо, дьоммуттан көмө суох. Ач-
чьпс аҥардаах үөрэнэрим, ол быыһыгар сотору-сотору ыалдьан
балыыһаҕа киирэрим.
1954 сыллаахха Түүлээх 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн,
Бороҕоҥҥо үөрэнэ киирбитим. 1958 сыллаахха Мүрү орто
оскуолатын бүтэрбитим. Бүтэрээт — колхозка үлэлиибин.
1965 сылтан 1968 сылга диэри маҥнай кулууп сэбиэдиссэ-
38

