Page 39 - Умнуллубат ол сыллар.. 2012 М.А
P. 39
туох даумнуллубат
нуорма бурдугунан хааһылаан сиэтэн, оҕолорун өрүһүйбүгэ.
Бурдук да диэн — кукуруза, соя, арсыанай диэн дуу буолара.
Мин эһэлээхпэр иитиллэн, сүгүн үөрэммэтэҕим. Төрдүс кы-
лааһы эрэ бүтэрбитим. Эһэбин кытта кыра эрдэхпиттэн окко
сылдьар этим. Эһэм моой отгуура. «Хара түүлээх» диэн моҕо-
тойдуур этибит. Саас ыһыыга оҕус сиэтэрим. Оҕус муннун кыа-
йымына, сорох оҕонньоттор мөҕөр этилэр. Бадьайаҕа оҕус
үүрэҕин. Итинтэн саҕалаан колхоз араас үлэтигэр барытыгар
сылдьар этибит.
Улаатан баран, оскуолаҕа дьиэ сууйааччынан икки сыл,
астааччынан аҕыс сыл үлэлээбитим. 1970 сыллаахха кэргэн
тахсан, түөрт оҕолоохпун. Оҕолорбор олорор кэммэр онно-
манна быстах үлэлээн, надбавкабын быстарбакка олорбутум.
Онтон кэлин дьааһылаҕа үлэлээн пенсияҕа тахсыбьггым. Аҕы-
йах сыл сельсовекка дьиэ сууйааччынан үлэлээн иһэн, тохтоо-
бутум.
2004 с.
Афанасьева Анна Николаевна
Мин 1935 сыллаахха Түүлээх нэһилиэ-
гэр төрөөбүтүм. Ийэм, аҕам биэс саас-
таахпар өлбүттэрэ. Онон, кырдьаҕас эһэ-
бэр иитиллибитим.
Сэрии, сут сылларыгар тулаайах хаа-
лан, элбэх эрэйи көрбүтүм. Сэрии сылла-
рыгар ас-таҥас тиийбэт этэ. Биһиги, кыра
оҕолор, улахан дьону кытта араас үлэҕэ
үлэлиирбит: тыаҕа мас эрбээһинэ, сиэмэ
быһыыта, о.д.а.
Оскуолаҕа хойутаан киирбитим. 1953
сыллаахха Түүлээх оскуолатын бүтэрэн, Мүрүгэ үөрэнэ бар-
бытым. Онтон, бүтэрэн баран, харах сиэстэрэтин курсугар
үөрэнэн, Чараҥҥа үлэлээбитим.
1964 сыл медицинскэй сиэстэрэ курсун бүтэрэн, дойдубар
үлэлии кэлбитим. 12 сыл үлэлээн, пенсияҕа тахсан олоробун.
Икки оҕолоохпун, түөрт уол оҕо сиэннээхпин. Кыыһым үрдүк
үөрэхтээх учуутал. Ону кытта олоробун. Онон дьоллоохпун.
2004с.
37

