Page 154 - Улуус спордун үйэтиппит учуутал, тренер. Иван Жирков
P. 154

Улуус спордун үйэтиппит учуутал, тренер
         били  бэйэтин үбүлүөйүгэр эппитин  курдук,  Мүрү аҕыс  кылаастаах
         оскуолатыгар бииргэ үлэлээбит уолаттарын, доҕотторун көрсөн үөр-
         бүтэ-көппүтэ.  Тыл этэригэр эҕэрдэлээн баран,  Иван Арбита хоһоо-
         нун аахпыта. Мин үбүлүөйбэр анаан хоһоон үөрэтэр үһү диэн эрдэ
         истэммин, соһуйбуппун өйдүүбүн.
            Кэлин  Бороҕоҥҥо  дьиэлэригэр  сайылыы  тахсыбыт  кэмнэригэр
         хам-түм сылдьарым, Уйбаан ыарахан ыарыыны утары охсуһан төһө
         да этэ-сиинэ бараннар, син биир буоларын курдук санаатын  күүһүн,
         олоххо  дьулуурун  мөлтөппөтөх  буолара.  Онно  олоҕор  көрсүбүт
         үөрүүтүн,  хомолтотун  тэҥҥэ үллэстибит доҕоро  Мария  Никоновна
         саамай төһүү күүс  буолбута саарбаҕа суох.  Итинник түгэҥҥэ  киһи
         киэнэ  кэрэмэһигэр  хайдахтаах  курдук  айылҕа  бэрсибит  ис  күүһэ
         кистэнэ  сылдьарын  бүтэйдии  сэрэйэр  эрэ  буоллаҕым.  Кылгас  да
         кэмҥэ  буоллар  кэпсэтэн,  оннук  көрсүһүүттэн  олох  эдэр  эрдэхпинэ
         алтыспыт  кэмим  ураты  истиҥ,  сүппэт  өйдөбүллэрэ  күүһүрэн,  ол
         долгураҥар  куустаран тахсан барарым.
            2018  сыллаахха  Мария Никоновнатынаан  ыал  буолбуттара  50
         сыллаах  үбүлүөйүгэр  Бороҕоҥҥо  кэргэмминээн  Варвара  Михай-
         ловналыын  ыҥырыллан,  элбэх  ыалдьыттарын  кытары  үөруүлэрин
         тэҥҥэ  үллэстибит  дьоллоох  түгэннээхпит.  Бииргэ  үлэлээн  үлүм-
         нэспит  кэммитин  ахтыһан,  ол  төһө да  эргиллибэтин  иһин,  сүппэт
         үтүө өйдөбүл  өрүү бэйэбитин  кытары  баарын  өссө төгүл  итэҕэйэн
         тарҕаспыппыт. Ол Иван Михайловичтыын тыыннааҕар бүтэһик көр-
         сүһүүбүт эбит.

                                          Василий Николаевич БУРНАШЕВ,
             СР үөрэҕириитин туйгуиа, Россия Президент! В.В. Путин Гранин
         кыайыылааҕа, «Уус Алдан үөрэҕириитигэр кылаатын иһин», «СР эбии
                                         уөрэхтээһинигэр кылаатын иһин»,
                       «СРучууталларын Учуутала» бэлиэлэр  хаһаайыннара.



                        Бииргэ үлэлээбиппит

            Мин Иван Михайлович Жирковтыын  1986 сыллаахха Мүрү 8 кы­
         лаастаах  оскуолатыгар үлэлии  кэлэн  баран  билсибиппит.  Оччолор-
         го  кини  оскуолаҕа  биир  уопуттаах,  үрдүк  билиилээх  физкультура
         учууталынан  үлэлиирэ.  Биһиги  Иван  Михайлович  уруоктарыгар,
         куруһуоктарыгар сылдьаммыт элбэххэ үөрэммиппит, үгүһү билбип-
   149   150   151   152   153   154   155   156   157   158   159