Page 218 - Улуус спордун үйэтиппит учуутал, тренер. Иван Жирков
P. 218

Улуус спордун үйэтиппит учуутал, тренер
         бутугар, сиэннэрбитигэр кэлэр кэмнэргэ кэрэ кэпсээн буолан тарҕа-
         на туруоҕа.

                             Анна Серафимовна ИВАНОВА  (АФАНАСЬЕВА),
                           үөрэнээччитэ, Б.Н. Андреев аатынан Элгээйитээҕи
                       региональной музейнай-экологическай киин дириэктэрэ,
                                           Элгээйи нэһилиэгин дьокутаата.

                              Улуус спордун

                историятын үйэтитэн хаалларда

            Иван  Михайлович  Жирков  спорка  ананан
         төрөөбүт  киһи  этэ.  Чулуу  спортсмен,  бастыҥ
         тириэньэр,  таһымнаах  салайааччы,  чол,  чэги-
         эн-чэбдик  олох  пропагандиһа...  Кэнники  сылларга
         Уус  Алдан  спорка  историятын,  кини  ситиһиилээх
         спортсменнарын, тириэньэрдэрин ааттарын үйэти-
         тиигэ,  кинигэ  бэчээттэтэн  таһаарыыга  сыралаах-
         тык үлэлэспитэ. Олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри
         ол дьарыгын  салҕаан,  Бороҕоҥҥо ыытыллыахтаах
         Саха республикатын  норуоттарын спортивней оонньууларын  көрсө
         улуус бастыҥ спортсменнарын туһунан бэрт улахан ахтыы кинигэни
         бүтэрэн, бэчээккэ туттарбыта. Онон этэргэ дылы, биһиги  Иван  Ми-
         хайловичпыт бэйэтин кэнниттэн хаһан даҕаны өлбөөдүйбэт, үйэлээх
         үлэлэри оҥорон хаалларда дии саныыбын. Ол кинигэлэр, ахтыылар
         биһиэхэ  -   учууталбыт,  тириэньэрбит,  аҕа  табаарыспыт  үтүө  мөс-
         сүөнүн саната, өйдөтө туруохтара.
            Былырыын (08.03.2020), Иван Михайлович 80 сааһын туолбута. Онно
         анаан, оруобуна төрөөбүт күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, бу эҕэрдэ суруйан,
         «Дьулурҕан» хаһыат анал сайтыгар таһаарбыппын билиһиннэрэбин.

                      Иван Михайлович, үбүлүөйгүнэн!
           Бүгүн,  кулун  тутар  8  күнүгэр,  биһиги  ытыктыыр,  сүгүрүйэр
        киһибит,  биир дойдулаахпыт, учууталбыт -  ССРС уонна РСФСР
        норуотун  үөрэхтээһинин  туйгуна,  Уус Алдан улууһун  бочуоттаах
        олохтооҕо Иван Михайлович Жирков, лоп курдук 80 сааһыи туолла.
           Ытыктабыллаах Иван  Михайлович,  бүгүтгү Күн сирин корбүт
        кэрэ  бэлиэ  күҥҥүнэн  ис-сүрэхтэн  долгуйан  туран  эҕэрдэлиибит!
   213   214   215   216   217   218   219   220   221   222   223