Page 278 - Улуус спордун үйэтиппит учуутал, тренер. Иван Жирков
P. 278

Улуус спордун үйэтиппит учуутал, тренер

            Убайым Иван Михайлович барахсан

           Иван  Михайлович  ийэтэ  уонна  мин  аҕам  биир
        ийэттэн-аҕаттан  төрөөбүт дьон.  Мин,  Егор  Ильич
        Васильев  төрөппүттэрим  1941  сыллаахха,  биир-
        дии  оҕолоох  огдооболор  холбоһоннор,  түөрт  оҕо
        төрөөбүппүт.  Оччолорго  олох-дьаһах  мөлтөх  буо-
        лан,  эбии  Аҕа  дойду  Улуу  сэриитэ  саҕаланан,
        тыыннаах  ордубуппутугар  таҥараҕа  уонна  дьом-
        мутугар  махтал.  Сэрии  кэмигэр  сут-кураан  ааҥ-
        наан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хоргуйан өлүү-сүтүү
        баһаамнаабыта.  Ол  кэмҥэ  биһиги  холкуоспутугар  Петр  Васильев
        диэн  сүрдээх  мындыр  киһи  бэрэссэдээтэллээн  хоргуйууну  таһаар-
        батах  этэ.  Кыра  эрдэхпитинэ  сылдьыһыы  суох  буолан,  аймахтары
        улаханнык билэттээбэт этим. Ол барыта дьонум холкуоска хамнаһа
        суох,  күүстээх  үлэҕэ  сылдьалларыттан  эбит.  Эдьиийим  Балбаара-
        лаах,  кэргэнэ  Мэхээс  арҕааҥҥы  уоттаах  сэрииттэн  бааһыран  кэл-
        битин  кэннэ,  Бороҕоҥҥо  көспүттэрэ.  Бука,  Мэхээс эмкэ-томко  наа-
        дыйбыта буолуо,  сэрииттэн доруобуйатыгар улаханнык эмсэҕэлээн
        кэлбит киһи уонна кэлин билбитим, оҕолоругар орто үөрэҕи бүтэт-
        тэрээри  эбит.  Ас-үөл  сэрии даҕаны  кэнниттэн хойукка диэри  элбэх
        үлэнэн, эрэйинэн көстөрө. Бурдугу бэркэ бүөбэйдээн үүннэрдэххинэ
        эрэ лэппиэскэ, алаадьы сиириҥ, аны туран ол саҕана элбэх сүөһүнү
        ииттэриҥ хааччахтаах этэ.
           Мин  1954 сыллаахха күһүн Бороҕоҥҥо үөрэнэ киирбитим. Онно
        эдьиийбэр Балбаараҕа олорон түөрт сыл үөрэммитим. Дьонум бэйэ-
        лэрэ  даҕаны  элбэх  этилэр,  түөрт оҕолорун  таһынан,  Мэхээс  аҕата,
        эһэлэрэ  Баһылай,  балта  Өлөөнчүк  бааллара.  Онно  түөрт  сыл  ки-
        нилэргэ  олорбутум,  үөрэммитим  иһин,  айаҕым  суотугар диэн,  мин
        аҕабынан  бииргэ  төрөөбүт  эдьиийим  Варвара  Ильинична,  ийэтин
   273   274   275   276   277   278   279   280   281   282   283