Page 13 - Сырдык ааккар сугуруйэбит
P. 13
Ленинград туһаайыыта дииллэр эбит. Госпитальга ый
курдук сытан эмтэнэн баран аны Калининскай фроҥҥа
тиийэр. Автоматчиктар роталарыгар сылдьар. Биир
түгэҥҥэ төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэннэр чаастарыттан
уонтан эрэ тахса киһи төлө көтөн тахсаллар. Разведкаҕа
эмиэ сылдьыспыт. Ити курдук уот холорук ортотугар
сэриилэһэ сылдьан атаҕар ыараханнык бааһырар. Өстеөх
миинэтэ атаҕын үс тарбаҕын быһа көтөн ааһар, буутугар
оскуолак хатанан хаалар. Алта ый устата Иваново, Казань
куораттар госпиталларыгар сытан эмтэнэн үһүс
группалаах инбэлиит буолан тахсар, ол эрэн тымырын
үрдүнэн хара сылдьар оскуолагын кыайан ылбатахтара.
Түөрт уонча сылы быһа ол оскуолак этигэр хатана
сылдьан элбэх эрэйи көрдөрбүтэ, онтон сылтаан 1981
сыллаахха атаҕын быстарарга тиийбитэ. Сэрииттэн
кэлээт дойдуну чөлүгэр түһэриигэ күүһүн харыстаабакка
үлэ үөһүгэр түспүтэ. Маҥнай утаа колхозка тимир
ууһунан үлэлээбитэ, кэлин сааһа ылан ыарахан үлэни
кыайыа суох буолан колхоһугар, совхоһугар от-мас
үлэтигэр сөптөөх сэби-сэбиргэли оҥорор буолбута.
Гаврил Михайлович кэргэнинээн Мария
Кононовналыын 11 оҕоломмуттара. Биир кыыһа эмиэ
Герой Ийэ үрдүк аатын сүгэр.
Сэрии, үлэ ветерана Гаврил Михайлович төһө да
үөрэҕэ суох буоллар дойдутун өстөөхтөртөн, олоҕун
толук да уурарын кэрэйбэккэ, чиэстээхтик көмүскээбитэ.
Ону кини уордьана, элбэх ахсааннаах мэтээллэрэ
туоһулууллар.

