Page 47 - Сахаайа Ермолаева Тыыннаах ырыа
P. 47
6.
Күөн киһиэм! Биир суолтан бутуллан мунабын:
Хайҕалтан — “звезда” дэппиттии үөрэбин;
Сирииттэн — грантан маппыттыы самнабын;
Халаанныыр, кураанныыр үрэххэ дьүөрэбин.
Атын да эдэрдэр эмиэ мин курдуктар:
Ол тугуй? Дэбдэйии? Өһүргэс майгы дуу?
Хардарсар сөбө дуу? Эбэтэр бэрт ньуолбар
Дипломат Карнегы ньымата ордук дуу?
Эн этгиҥ: “Быһаччы быһаарар кэрэгэй;
Хайҕатар, сириллэр үксүгэр үчүгэй —
Дьоҕургун табатык сыаналан диэн этэр;
Дуоһуйан, тэпсэҥнии сылдьартан сэрэтэр...»
* * *
“Кырдьыгы билинии — кыахтаахха туһалыыр:
Сүрэҕи күүрээнниир, өйү да сытыылыыр”.
45

