Page 50 - Сахаайа Ермолаева Тыыннаах ырыа
P. 50

9.

                Халыҥ хаар баттаабыт хара тыа маһыныы,
                Нүҥсүйдүҥ, ыараатыҥ, бытаардыҥ бэрт эрдэ,
                Ол эрэн, маҥхайбыт баттаххар ханыылыы
                Муударас даҕаны мунньуллан эрдэҕэ.
                Өһүөн,  бэрт былдьаһыы, ордо да сатааһын
                Кирээстээх сойуота да дьайар буоллаҕа.
                Онуоха хардаран, өстөһүү арааһын
                Күөттээбэт үгэскин дьон кэлин хайгыаҕа.

                “Эрэйи элбэҕи көрсүбүт хас киһи —
                Оччонон дьоллоох...”  — диэн түмүктээн эппиттэр
                Былыргы бөлүһүөк бэртэрэ. Туох иһин?
                “Оннуктар гуманист буолаллар...” диэбиттэр.
                *  *  *
                “Дьиҥ киһи гуманист буолуохтаах...”  — диэн Маркс
                Эппитин туох диигин, демократ табаарыс?

























          48
   45   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55