Page 67 - Сахаайа Ермолаева Тыыннаах ырыа
P. 67

9.  С Е К С О М А Н И Я
          Моралист, замолчи! Тугунан дьарыктанаргын —
          Биэс тарбахпыныы билэн сылдьабын;
          Өссө гомосексуальнайгын,  мазохизмныыгын...
          Оттон мин да күүрээннээхтик баҕарабын —
          Ол эрээри саханы үксэтэргэ дьулуһабын...

          Ырыаһыппын даа?!  Ээ, истэбин шлюхаҕын —
          Тапталы элэйиэр диэри туойаҕын —
          Дьиҥэр бэйэҥ кытыылааххын арбанаҕын —
          Кэҕэлии мээрилиигин,  ыттыы улуйаҕын.
          Эт эрэ?! Омуккун оҕонон хаһан хаҥатаҕын?..
          Оттон мин, эн курдук, айдаарбаппын —
          Өйдөөх дьонтон удьуорбун ууһатабын.

          Бэйиэппин даа?!  Ээ,  эмиэ маньяккын —
          Хоһоонуҥ ахсаанын саҕа көрсүү дьахтардааххын —
          Порнографияны, проституцияны
                                  пропагандалыыгын...
          Оттон мин дьиҥнээх интернационалиспын —
          Ол иһин кэлии омугу ордук тутуһабын —
          Дружбаны туругурдабын!
          Боруоданы тупсарабын!
          Доруобай оҕону айдарабын!..
          Онон норуоппун сиэкистээн хаҥатабын!

          *  * *

          «Если бы счастье заключалось только в телесных удо­
      вольствиях,  мы  бы  называли  быков  самыми  счастливы­
      ми».
                                Гераклит (конец  VI — начало V вв.)  —
                               древнегреческий  философ-диалектик












                                                              65
   62   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72