Page 68 - Сахаайа Ермолаева Тыыннаах ырыа
P. 68

10.  Х А О С   У О Н Н А   К Р И З И С
                 Баас куолайдаах дуоһунастаахтар,
                 Баритон куоластаах дьокутааттар —
                 Барыбытын баһылыыллар, дьаһайаллар:
                 Кими маанылыыллар,  кими дьарыйаллар.
                 Тенордар,  онтон атын да суоластар
                 Ол хуорга кыттан куомуннаһаллар —
                 Хардарыта хайҕаһаллар, рекламалыыллар...

                 Олохпут арыт дискотека кулуубугар
                 Кубулуйбут курдук буолар:
                 Көҥдөй тыас-уус дарбыйар,
                 Булкуллубут музыка улуйар;
                 Итирбит сирэй-харах дарбайар,
                 Ыһыллыбыт баттах арбайар;
                 Кыыс Кыскыйдаан кыланар-сахсыллар,
                 Уот Уһутаакы уһуутуур-дьалкыллар;
                 Сыыс-бөх тула көтөн ыһыллар...
                 Ким сыллаһар, ким уураһар,
                 Сорох муннугу булан уксуһар...

                 Вокруг — ни рыба ни мясо,
                 Эргиччи — кирдээх эмээсэ...

           Хаос  (греч.  сл.  —  беспорядок)  —  беспредельная  перво­
        бытная  масса,  из  которой  образуется  весь  существующий
        негодный старый хлам,  неразбериха.





















        66
   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72   73